Кэбээйи улууһун Тыайа нэһилиэгиттэн төрүттээх, билигин Чурапчы улууһугар култуура салалтатын начальнигынан үлэлии сылдьар биир дойдулаахпытын Петр Гуляевы кытта сэһэргэһэбит. Кинини үгүс дьон ырыа айааччы буоларын билэр буолуохтааххыт.
— Саха дьоно-сэргэтэ эн ырыаларгын билэллэр, истэллэр. Ол гынан баран эн Кэбээйиттэн төрүттээххин билбэттэрэ буолуо. Кэпсээ эрэ.
— Тыгын, Эллэй саҕаттан сурукка-бичиккэ киирбит, улахан кинээстэрдээх, былыргыта киэҥ сирдээх-уоттаах, бэйэтэ эмиэ туспа устуоруйалаах, дьонноох-сэргэлээх, төрүччүлээх, ураты айылҕалаах Кэбээйи улууһун Тыайа нэһилиэгиттэн төрүттээхпин.
Ийэм Гуляева Варвара Никифоровна Тыайа нэһилиэгин «Кыһыл сулуһуттан» төрүттээх, омук тылын учуутала. Аҕам Гуляев Егор Иосифович «Чырыыда» Эбэ кытылыттан төрүттээх, «Кыһыл Сулус» учаастагыттан тардыылаах, туруу үлэһит, тракторист, сварщик, сатаабата диэн суох, эр бэрдэ.
Күн сирин көрүөхпүттэн оскуоланы бүтэриэхпэр диэри ийэ-аҕа иитиилэринэн, убайдар-эдьиийдэр этиилэринэн, эбэлэргэ оттоон-мастаан, үөрэнэн-үлэлээн, оҕо сааһым Тыайаҕа ааспыта.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар оҕо-оҕо курдук мэниктээн, сүүрэн-көтөн, бастыҥ учууталларга үөрэнэн, үчүгэй салалтаннан салайтаран, билии-көрүү ылан, дьон-сэргэ буолан сылдьабыт дии саныыбын. Тыайа оскуолата тылга-өскө, сурукка-бичиккэ, суот, иис өттүнэн барытыгар үчүгэй дьоҕуру биэрэн, ыччаттар, үлэлиирбитигэр-хамныырбытыгар чэпчэки. Оскуола кэмнэрбэр култуура үлэһитэ буоларбын сибикилээн, сүрүннээн, наар сыанкаларга оонньоон, кэнсиэртэргэ ыллаан-туойан биэрэрим.
2002 с. оскуоланы бүтэрэн баран култуура уонна искусство колледжыгар туттарсан үөрэнэ киирбитим. Онно бииргэ үөрэммит оҕолорум, доҕотторум, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр Анатолий Горохов, Гаврил Лыткин («Смайл» бөлөх), билиҥҥи киинэ артыыстара Александра Скрябина, Алексей Ходулов – киинэ, театр артыыһа уо.д.а. буоламмыт сүрдээх үчүгэйдик үөрэммиппит. Күн бүгүҥҥэ дылы ситиммитин быспакка, бииргэ билсэ-көрсө сылдьабыт, санаа-оноо атастаһабыт, кыаллар буоллаҕына бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэбит.
2005 сылтан үөрэхпин бүтэриэхпиттэн Чурапчыга үлэлии-хамныы сылдьабын.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан сэһэргээ эрэ.
— 2007 с. сүрэҕим аҥарын, Чурапчы Мырылатыттан төрүттээх Марианнаны көрсөн ыал буобутум. Түөрт оҕолоохпут. Оҕолорбут бары билигин оскуола үөрэнээччилэрэ. Бэйэм дьиэ-уот туттан, хаһаайыстыба тэринэн, оҕуруот олордон, бур-бур буруо унаарытан саха ыалын сиэринэн аргыый наллаан олоробут.
— Оччоҕуна, бастаан үөрэххин бүтэрэн баран Чурапчыга«Айыллаан» сынньалаҥ киинигэр үлэлии киирбитиҥ дуо?
— 2005 сыллаахха «Айыллаан» сынньалаҥ киинигэр исписэлииһинэн киирбитим, салгыы уус-уран салайааччынан, 2010 сыллаахха дириэктэринэн, 2015 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбитим. 2019 сылтан үс сыл курдук «Айылгы» улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэринэн, билигин култуура салалтатыгар салайааччытынан үлэлии сылдьабын. Култуураҕа уонна искусство эйгэтэ бэйэтэ олус кэрэ, ураты, дириҥ байҕал курдук улахан. Норуот маастардарын, иистэҥньэннэр, оһуор-мандар, норуот айымньыта, фольклор, музей үйэтитии үлэтэ, оҕо искусство оскуолалара, библиотечнай ситим, олус киэҥ эйгэ. Үлэлииргэ олус интэриэһинэй. Саҥа сонун бырайыактар айыллаллар, бөҕөргөтүллэн олоххо киирэллэр.
— Эстрада биллэр-көстөр, ааттаах-суоллаах ырыаһыттара эн айбыт ырыаларгын толороллор. Ону үгүс киһи билбэтэ буолуо.
— Эстрада ырыаһыттара Анастасия Готовцева, Эрчим, Степан Афанасьев, Сергей Сорокин о.д.а. толороллор. Биллэр соҕус«Күндү киһим» диэн ааттаах ырыаны Алексей Григорьев-Эрчим толорор.
-«Кэбээйиттэн кэрэчээнэ» диэн ырыа туһунан кэпсээ эрэ.
-Бу ырыаны Тыайаттан төрүттээх бырааттарым «Дьулусхан» бөлөх толорор. Бииргэ төрөөбүт быраатым Баанньа биирдэ “балтыбыт наһаа үчүгэй хоһоон суруйбут” диэн эппитэ, ону Кэбээйи кыыһын туһунан диир уонна этэр: “Амма кыыһын туһунан ырыа баар, Чурапчы кыыһын туһунан ырыа баар, Ньурба кыыһын туһунан ырыа баар онтон биһиги Кэбээйи курдук киэҥ улуус кыргыттарын туһунан ырыа суох, ол иһин итиннэ сыһыаннаах матыып баар дуо?” – диэбитэ. Ол кэмҥэ оруобуна биир матыыбы иитиэхтии сылдьыбытым, кини оруобуна ол икки күппүлүөтэ уонна хос ырыата суруллубут хоһооҥҥо сөп түбэспитэ, гитараннан ыллаабыппытыгар тахсан кэлбитэ.
— Ырыа айар, хоһоон суруйар киһи иэйииҥ туохтан үөскүүрүй?
-Бэйэм хас биирдии киһиэхэ иэйии баар диэн саныыбын. Хас биирдии айар-тутар киһи оччотооҕу түгэни, буолбут түбэлтэни, кэми атыннык, уратытык ылынар диэххэ сөп. Түгэнтэн иэйии үөскээн тахсан уустар уһаналлар, суруйааччылар суруйаллар, айар эйгэ арыллар.
— Ырыа айарыҥ, култуураҕа үлэлииргин таһынан тугунан дьарыктанаҕын?
-Үлэм таһынан иллэҥ кэммэр сыбаайба, үбүлүөй, остуол, тэттик тэрээһиннэри ыытыыннан дьарыктанабын. Бастаан ону саҕалыырбар Чурапчы улууһугар олус үчүгэй ыытааччы убайдар-эдьиийдэр, доҕоттор көмөлөспүттэрэ. Ол курдук, Оксана Жиркова, Иван Бушков, Дария Макарова. Кинилэри батыһан, бииргэ сылдьан тамадаалыырга үөрэммитим. Эбиитин, кыралаан дьиэ таһыгар маһынан уһанабын, тимири сыбааркалыырбын сөбүлүүбүн.
— Сүгүрүйээччилэргэр, биир дойдулаахтаргар баҕа санааҥ.
— Ханнык баҕар киһиэхэ кини төрүттэрэ, төрөппүттэрэ, күн сирин көрбүт сирэ-уота, айылҕата күүс-көмө буолар. Киһи тыын ылан уоскуйар, бөҕөргүүр, сэниэ ылар сирдээх. Ол оннук сирбинэн миэхэ хаһан баҕар, биллэн турар төрөөбүт дойдум, үөскээбит тэлгэһэм, түөлбэм эбэлэрэ – Тыайам. Ол иһин дойдугутун таптааҥ, төһө кыалларынан дьонугар-сэргэтигэр күүс-көмө, сүбэ-ама буолуҥ диэн баҕа санаабын этэбин.
Кэпсэттэ Иван Софронов-Сандал.
Хаартыскалар Петр Гуляев тус архыыбыттан.