Кулун тутар 3 күнүгэр, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии соһуччу хомолтолоох сураҕы истэммит, ис сүрэхпититтэн айманныбыт, харааһынныбыт… Ол курдук, өр сылларга бииргэ үлэлээбит, алтыспыт истиҥ доҕорбут, дьүөгэбит Александра Геннадиевна Попова соһумардык биһиги кэккэбититтэн туораата, орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барда.
Александра Геннадиевна 1981 сыл алтынньы 12 күнүгэр Кэбээйи оройуонун Куокуй нэһилиэгэр Мария уонна Геннадий Тихоновтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ыал улахан оҕото буолан, Шура наһаа эппиэтинэстээх, толорумтуо уонна эйэҕэс-сайаҕас этэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар дьоҕурдаах үөрэнээччи, көхтөөх тэрийээччи быһыытынан биллэрэ. Эдэркээн сааһыгар, тапталлаах доҕорун Попов Алексей Кимовичтыын сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, ыал буолан утуу-субуу уоллаах кыыс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ.
Александра талан ылбыт идэтин ис дууһатыттан сөбүлүүрэ, астынара. Ол курдук уонунан сылларга Т.Е. Сметанин аатынан киин бибилэтиэкэҕэ таһаарыылаахтык айымньылаахтык үлэлээбитэ.
Кини үлэтин кыраайы үөрэтэр салаа бибилэтиэкэринэн саҕалаабыта. Ол кэннэ Саха сирин Национальнай бибилэтиэкэтин бырайыагын чэрчитинэн тэриллибит быраабы сырдатар уонна тарҕатар Киин бибилэтиэкэринэн, библиограбынан үлэлээбитэ. Үлэлээбит сылларын устата оҥорбут, бэчээттэппит үлэлэрэ кини айар дьоҕурун туоһута буолан, үгүс ааҕааччы, бибилэтиэкэ өҥөтүнэн туһанааччы болҕомтотун ыла туруохтара.
Александра Геннадиевна бэйэтин иннигэр туруоруммут сыалын хайаан да толорорго дьулуһара, олоххо киллэрэрэ. 2012 сыллаахха Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун библиотечнай факультетын кэтэхтэн ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Быыстала суох бэйэтин квалификациятын үрдэтэргэ, саҥа сүүрэннэри үлэҕэ киллэрэргэ дьулуһара. Итини таһынан бөһүөлэк, улуус таһымнаах араас тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылара. Кини айымньылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, «Саха Республикатын культуратын туйгуна» бэлиэнэн (2014 с.), Жараева Т.А. аатынан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ, эдэр исписэлиистэригэр туттарыллар бириэмийэ хаһаайкатынан буолбута (2012 с.)
Дьахтар быһыытынан сатабыллаах, уран тарбахтаах бастыҥ хаһаайка, оҕолоругар муударай сыһыаннаах доҕор, истиҥ ийэ этэ. Оҕолорун олоххо көхтөөх, үлэҕэ-үөрэххэ эппиэтинэстээх сыһыаннаах буоларга бэйэтин холобурунан иитэрэ. Эрэллээх доҕор, истиҥ дьүөгэ буолан чугас дьоно кинини бары убаастыыллара, таптыыллара. Ханнык да түгэҥҥэ доҕотторугар күүс-көмө, тирэх буолара.
Күндү биир идэлээхпит, доҕорбут, дьүөгэбит Александра Геннадиевна сырдык мөссүөнэ биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар үгүс сылларга умнуллуо суоҕа, сырдыгы сыдьаайар өйдөбүнньүк буолуо.
Т.Е. Сметанин аатынан Кэбээйи улуустааҕы бибилэтиэкэ кэлэктиибэ.