«Дорогу осилит идущий» — это жизненный девиз художника Николая Попова, человека, который не отступает от цели, не останавливается, продолжает работать невзирая на трудности, проходит дорогу до конца…
Галина Неустроева.
Национальнай художественнай музей саалатыгар биир дойдулаахпыт АФ, СР искусствотын үтүөлээх деятэлэ, Россия худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, «Гражданскай килбиэн» знак кавалера, СР Култууратын уонна искусствотын бочуоттаах үлэһитэ, Кэбээйи улууһун, Сииттэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Николаевич Попов «Дорогу осилит идущий» диэн персональнай быыстапкытын үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Николай Николаевичка бу бэлиэ күнүнэн чугас доҕотторо, үөлээннэхтэрэ, бииргэ алтыспыт дьонноро э5эрдэлээтилэр, истиҥ иһирэх тылларын тиэртилэр.
Кини ураты буочардаах айымньылара, бииртэн биир көрүөхтэн эриэккэс хартыыналара киһи хараҕар хатанар, кэрэ санааҕа түһэрэр. Худуоһунньук үлэлэрин араас кырааска толбонунан оонньотон көрөөччүнү умсугутар, абылыыр. Кинини театральнай худуоһунньук эрэ өттүнэн көрбөккө, живопись, графика эйгэтигэр эмиэ көрүөххэ сөп.
Ол курдук, кини быыстапкатыгар биллиилээх култуура, искусство, наука артыыстарын, деятеллэрин мэтириэттэрэ турбуттар. Хас биирдии экспонат бэйэ бэйэтигэр хатыламмат ураты кырааскалаах, тиэмэлээх, чахчы да айылҕаттан бэриллибит «шедевр» буолар.
Николай Николаевич театральнай искусствоҕа таһаарыылаах үлэтин сыаналаан, Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствота «Анал аат» иҥэрдилэр.
Быыстапка кулун тутар 16 күнүттэн муус устар 14 күнүгэр дылы дьон сэргэ көрүүтүгэр туруоҕа. Биһиги биир дойдулаахтара Николай Николаевич ситиһиилэринэн үөрэбит, киэн туттабыт уонна махталбытын тиэрдэбит.
Мария Обутова, общ. корр., Сииттэ нэһилиэгэ.