Фольклор устун айан

Кэбээйи нэһилиэгэр «Сайдам» норуот айымньытын киинин тэрийиитинэн «Фольклор устун айан” фольклорнай куонкурус тэриллэн кэнчээри ыччаттарбыт бу дьоро киэһэҕэ саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын, ырыатын-тойугун тардан кэбистилэр. Сахалыы сирэйдээх, сахалыы тыыннаах өйүн-санаатын чэбдигирдэр норуот тылынан уус-уран айымньыта бу киэһэ үүнэр ыччат толоруутугар тэриллибитэ ураты үөрүүнү, долгуйууну үөскэттэ.

Ыччаттарбыт аныгы куйаар ситимин алыбыгар ылларан сахалыы тылбытын-өспүтүн умна быһыытыйан бардыбыт диэн дьиксинии баарын бу киэһээҥҥи сахалыы ырыа-тойук балачча дьайҕарта. Култуура киинин дьиэтэ сахалыы симэммит, таҥастаах-саптаах оҕо саадын иитиллээччилэринэн уонна оскуола үөрэнээччилэринэн туолла.

Оҕолорбут саха уус-уран тылынан жанрдарын бары көрүҥүн лоп-бааччы толороннор бииртэн-биир сонун талааннар арыллан истилэр. Барыта 40-ча араас нүөмэрдэр чабырҕахтан, олоҥхоттон саҕалаан хомус, норуот ырыата, үҥкүү барыта толорулунна. Дьоро киэһэ түмүгүн таһаарарга сүбэҕэ киирдилэр СӨ норуотун маастара, өбүгэ үгэһин сөргүтээччи, тарҕатааччы Елизавета Константиновна Софронеева, норуот айымньытын киинин үлэһитэ, сахалыы тойугу толорооччу Аксиния Никифоровна Сыроватская, орто сокуола саха тылын уонна литературатын учуутала Мария Егоровна Павлова. Сүбэ быһаарыытынан хас жанр аайы саастарынан көрөн үрдэллэри анаатылар уонна кыттааччыларга туоһу суруктары туттардылар.

Фольклор дьоро киэһэтин норуот айымньытын киинин фольклорга исписэлииһэ Антон Петров иилээн-саҕалаан тэрийдэ. Онтон норуот айымньытын киинин исписэлииһэ Климентий Эверстов сэргэхтик ыытта.

Бу фольклор дьоро киэһэтиттэн астыммытын оҕо саадын иитээччитэ Ирина Васильевна Терехова биллэрдэ: “Мин кыттааччы аҕыйах буолуо дии санаабытым. Тоҕо диэтэр мин дьиэм аттынан ааһар оҕолор олох нуччалыы эрэ кэпсэтэр оҕолор ааһаллар. Сотору тэлгэһэбинэн сахалыы кэпсэтэр эрэ оҕолор ааһыахтара диэн эрэлим үрдээтэ”. Дьэ бу бэркэ сэргээбит, үөрбүт киһи санаата.

Сүбэ аатыттан Елизавета Константиновна дуоһуйбутун этэр: “Фольклор бырааһынньыгар сылдьан үөрэн, астынан ахан кэллибит. Итинник сыл аайы фольклор күрэҕин ыыттахха оҕо-аймахха фольклор көрүҥэ сайдыыһык!

Олунньутааҕы «Олоҥхо эйгэтэ” семинарга ылыллыбыт резолюция нэһилиэктэринэн тарҕаннаҕына, хас нэһилиэк аайы уһуйааннарга, оскуола алын, орто, үрдүкү кылаастарын көрүү уонна нэһилиэктэргэ тэрилтэлэринэн, түөлбэлэринэн олоҥхону спектаклынан, күргүөмүнэн толоруунан туруоран көрүүлэр ыытыллыахтаахтар. Уонна улуус ыһыахтара Олоҥхо ыһыаҕын регламенынан репетиция курдук ыытылыннахтарына культурнай-духовнай өттүнэн Олоҥхо ыһыаҕын ыытыыга улууспут бэлэм буолуоҕа».

Билигин биир кыайа илик көрүҥмүтүнэн тойук буолара дьэҥкэтик көстөрүн Елизавета Константиновна бэлиэтээтэ. «Өйгө тутуу, тыл-өс мааны, ол эрээри уобарастары арыйыыга уонна тойук дьарыктарыгар күүскэ ылсыахха наада. Сатыыр дьону ыҥыран, холобурдарынан маастар-кылаастатан, дьарыктатан”, — диэн инники былааннарын сэгэтэн ааста.

Онон Кэбээйигэ ыытыллыбыт фольклор куонкурса сыалын-соругун ситиһэн, инники фольклор ханнык көрүҥэр күүстээх, болҕомтолоох уонна былааннаах үлэ ыытыллыахтааҕа дьэҥкэтик көһүннэ.

Татьяна Максимова-Лазарева