Ирдэбиллэри тутуһан

Билиҥҥи үйэҕэ ханна да үлэҕэ ээл-мээл сыһыаннаһыыттан үлэ-хамнас, ирдэбил, эппиэтинэс суох буолбута баар дьыала. Ол гынан баран бүгүн мин кэпсиир дьонум-сэргэм этэргэ дылы ааспыт үйэтинээҕи олох ньуурун билбит, хаппыт үлэһит дьону хоһуйуум.

Ыраах ыаллыы сытар Дьааҥы улууһун Сартаҥ таба иитэр ыстаадатыттан онно сайылаан, үлэлээн сэбээттэр саастаах күтүөппүт  Өлөксөй Аксенов кэллэ кэлээт табаларын ыыппакка, бөһүөлэктээҕи бэтэринээр сулууспатын исписэлиистэрин сарсыарда эрдэ ыҥыртаан, табаларын бэрэбиэркэлэттэ. Павел Васильевич Кейметинов бэйэтин үөлэннээҕин кытта Владимир Маркович Тоноевтыын суһаллык тиийэн табалартан хааннарын ылан, анализтаан, табалар хаһаайыннарын Өлөксөйдөөх Марияны доруобайдарын мэктиэлээн үөртүлэр.

Дьэ бу буолар эппиэтинэс. Ирдэбили этитиитэ суох толоруу уонна төһө да ыксаллаах, тиэтэллээх буолбутун иһин биһиги дьоммут үлэлэригэр тапталлаахтык сыһыаннаһаллара көстөр. Бириэмэтигэр сэрэтэр үлэ ыытыллар. Киһи хайгыаҕы эрэ баҕарар маннык дьон баарыттан.

Мииччэ уола Нэгиэ, Сэбээн Күөл.