Эдэр суруйааччылар 24-с сүбэ мунньахтарыгар

Иэйии кууһар абылаҥын сурукка тиһии умсугутуулаах эйгэ. Бу дьарык ытарчалыы куустаҕына, тулаҕын умнаҥҥын курдаттыы тардыһан бараҕын. Ол эрэн, хайа да дьарык сүбэтэ, үөрэтиитэ суох, барбах бэйэҕэр эрэ эрэнэн сырыттаххына, таһаарыыта суоҕа биллэр. Онон, Сахабыт сиригэр айар ыллыкка үктэммит эдэр суруйааччыларга сүбэ биэрэр аналлаах түмсүү 90-с сылларга сүтэ сылдьан баран, 2000 сыллаахтан иккилии сыл көтөн тэриллэр буолбут.

Быйылгы эдэр суруйааччылар 24-с сүбэ мунньахтарыгар 19 улуустан 64 киһи кэлэн поэзия, проза, нууччалыы тыллаах, оҕо, аҕыйах ахсаанаах омуктар литератураларыгар, драмаҕа, критикаҕа биллэр суруйааччылар, саҥа холонооччулар кэлэн, икки күн ырытыыга кытыннылар. Хоту улуустартан суол табыллыбатыттан, аҕыйах киһи кэлбэккэ хаалбыт.

Манна биһиги улуустан, Тыайаттан Сюзанна Васильевна Кондакова поэзия салаатыгар, Мукучуттан Светлана Николаевна Самсонова-Сиибиктэ, Тыайаттан  Мария Алексеевна Захарова уонна мин буолан критика салаатыгар кытынныбыт.

Сүбэ мунньах биир үөрүүтэ — эдэр суруйааччылар ураты көрүҥнээх «Биэс кинигэ»- Мария Андреева-«Чуумпуга», Николай Васильев-Харыйалаах Уола- «Бүгүн эрэ», Римма Крылова-«Чэҥ оһуора», Сюзанна Кондакова-«Таптал чараҥа», Василий Тимофеев «Күнбастыҥата» хоһооннорун хомуурунньуга уонна Виталий Андросов «Чохороон» диэн кэпсээннэрэ түмүллүбүт кинигэлэрин  сүрэхтэниитэ бэрт сэргэхтик буолла. Сүбэ мунньахха поэзия салаатын СР норуодунай поэта Наталья Ивановна Харлампьева эдэр суруйааччылар айымньыларын ырытан, түмүгүн билиһиннэрэригэр Сюзанна Васильевна Кондакова сайдан иһэрин хайҕаан туран, айар командировкаҕа барарын мэктиэлээтэ уонна айар аартыкка өссө даҕаны киэҥник хардыылаан иһэригэр алҕаата. Кириитикэ өрүтүгэр Гаврил Гаврильевич Андросов, Саргылаана Еремеевна Ноева, Рустам Николаевич Каженкин курдук биллэр литературоведтар Мария Алексеевнаны кириитикэ салаатын арыйыытынан ааттаан туран, «Кэскиллээх ырытааччы» аатын иҥэрэн, эмиэ айар командировкаҕа барар сертификатынан наҕараадалаатылар. Сиибиктэ уонна мин ырытыыларбытын «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэри мэктиэлээтилэр. Бу кэнниттэн сүбэ мунньах эҕэрдэ, ырыа, хоһоон доҕуһуоллаах доҕордоһуу киэһэнэн түмүктэннэ.

Бу курдук, айымньы суруйар дьоҕурдаах дьоҥҥо инники хардыы оҥорон иһэргэ сүбэлиир дьоһун тэрээһин, ситиһии аргыстаах үлэтин түмүктээтэ.

Екатерина Архипова