Дьокуускайга, кулун тутар 28-29 күннэригэр «Өбүгэ оонньуулара» өрөспүбүлүкээнискэй күрэх буолан ааста. Күрэххэ араас улуустар кытыннылар. Ол курдук: Уус-Алдан, Сунтаар, Мэҥэ-Хаҥалас, Хаҥалас, Томпо, Дьааҥы, Чурапчы, Кэбээйи улуустара кыттыыны ыллылар.
Кэбээйи улууһуттан Мастаах оҕолоро, — тренер Николай Иванов бу көрүҥҥэ утумнаахтык оҕолору дьарыктаан сылын аайы күрэххэ кыттыыны ыллылар уонна кэккэ ситиһиилэрдэннилэр.
Дьокуускайга уоллуун-кыыстыын Мастаахтан 10 оҕо баран күөн-көрсөн күрэхтэстилэр. Күрэхтэһии 2007-2008 с. төрүөх оҕолорго ыытылынна. Оннук сүүмэрдэнэн кэлэннэр улуустарын аатын эрэллээхтик көмүскүүллэр.
Бастакы күн үс төгүл үс, тутум эргиир, мас тардыһыы. күрэх буолан ааста. Иккис күн 400 м сүүрүү уонна хапсаҕай.
Икки күн тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн кыайыылаахтар билиннилэр:
Ол курдук 2008 с. төрүөх оҕолорго: I миэстэ — Мастаах орто оскуолатын 9 кылаас үөрэнээччитэ —Алгыстаана Чемчоева
Уолаттарга :
III миэстэ — Антоний Дмитриев — Мастаах орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.
2007 с. төрүөх.
Кыргыттарга III миэстэ: Сайаана Ноговицына — Мастаах орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччитэ.
Уолаттарга:
II миэстэ: Тимир Кейметинов — Мастаах орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччитэ.
Ити курдук, бу да сырыыга оҕолорбут улуустарын чиэһин эрэллээхтик көмүскээтилэр. Тренер —Николай Иванов уопуттаах физкультура учуутала, оҕолору утумнаахтык эрчийэн, дьарыктаан үрдүк көрдөрүүлэри ситистилэр. Саха төрүт оонньуулара киһи күүһүн-уоҕун, сымсатын тургутар. Ким илиитэ-атаҕа күүстээх ол бастыҥ буолар. Ыччаттар эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолаллар.
Хас сыл ахсын күрэхтэһии таһыма үрдээн, кыттааччыларын да бэлэмэ үрдээн иһэрэ киһини үөрдэр. Успуорт национальнай көрүҥүнэн дьарыктаныыга болҕомто күүһүрэр. Оҕолорбут бу хайысхаҕа ситиһиилэрдээхтэр.
Онон саҥа ааттар өссө да тахса туруохтара диэн бүк эрэллээхпит. Түгэнинэн туһанан оҕолору, тренердэрин — Николай Иванову уонна оҕолору, төрөппүттэрин эҕэрдэлиибит.
Үөрэххэ, успуорка өссө да үрдүк дабайыылары баҕарабыт! Кэбээйилэр — үрдүктэн үрдүккэ дьулуһуҥ! Үтүөттэн үтүөҕэ талаһыҥ! Кэрэттэн кэрэҕэ тардыһыҥ! Үүнэн-үрдээн, ситэн силигилээн иһиҥ! — диэн алгыс баһын сыалыыбыт.
Сардаана Жакипова,
Мастаах нэһилиэгэ.