Сииттэ нэһилиэгэр Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн үөрэн — көтөн туран, нэһилиэкпитигэр «Дьиэ кэргэн — дьол уйата» диэн ааттаах хоһоон айыытын күрэҕэ буолан ааста. Дьиэ кэргэн эйэҕэс, тапталлаах, талааннаах ийэлэрэ күрэҕи мүччү туппатылар. Олус көхтөөхтүк кыттыннылар. Үксэ айар күрэхтэргэ улахан болҕомтону, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Далбар Хотуттарбыт суолта ууран кытталлара олус хайҕаллаах суол.
Барыта күрэххэ, дьиэ кэргэттэрин хайдах күүстээхтик таптыылларын, харыстыылларын, алгыылларын туһунан ис сүрэхтэн суруллубут сэттэ хоһоон айыллан киирдэ. Муҥутуур кыайыылааҕынан олохтоох ФАП медицинскэй сиэстирэтинэн айымньылаахтык үлэлии — хамсыы сылдьар, нэһилиэк иһинэн ыытыллар тэрээһиннэр бастыҥ көхтөөх кыттааччыта Татьяна Васильевна Герасимова буолла. Кини уустаан — ураннаан суруйбут хомоҕой тыллаах хоһоонун, бар дьоно биһирээтилэр, олус астыннылар. Күрэх кыайыылааҕар анал вымпел, махтал сурук уонна икки тыһыынча харчыннан култуура үлэһиттэрин ааттарыттан бириэмийэ туттардыбыт. Бары көхтөөх кыттааччыларбытыгар итии — истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Дьиэ кэргэн — дойдубут кэскилэ.
Дьиэ кэргэн араҥаччыта — иһирэх ийэбит
Илиитин сылааһыгар бигэнэн,
Уйан сүрэҕин иэйиитин иҥэринэн,
Борбуйбутун көтөҕөн, улаатан,
Истиҥ таптал, махтал санаалаах,
Үнүгэс анньан, ситэн силигилээн тахсабыт.
Дьиэ кэргэн — эрэнэр эркинэ
Эргийэр киинэ — Аар тойон,
Айбыт аҕабыт — үөрэтэр-такайар,
Үөрүйэххэ, сатабылга, үлэҕэ уһуйар.
Киһи буолар айылгылаан,
Олоҕу анаарар толкуйу тобулар.
Дьиэ кэргэн — истиҥ эйгэтинэн,
Илгэлээх ил эйэтинэн,
Үс куппутун байытан, дьүөрэлээн,
Киһи буолан күүс — уох ылан,
Оҕо сааспыт дьоллоох ыллыгынан
Олох суолугар бигэтик үктэнэн,
Олох сүнньүн тутуһабыт.
Дьиэ кэргэн — олук ууран,
Үөрэх — үлэ үрдүккэ кынаттыыр.
Үөрүүтүн булан, айа-тута,
Үүнэр сайдар баҕалаах,
Инникигэ эрэл санаанан
Кэлэр кэм кэскилин тутуһан,
Олорор олохпут уйгутун уһансабыт.
Дьиэ кэргэн- дьол-соргу уйата
Өбүгэ үгэһин утумнаан,
Аҕа ууһун салҕаары
Дьиэ кэргэн тэринэн,
Саха сайдам ыала буоламмыт,
Дойду эрэлэ буолабыт.
Татьяна Герасимова, Сииттэ нэһилиэгэ.
Маны сэргэ Сииттэбит нэһилиэгэр 2024 сыл «Аҕа сылынан» биллэриллибитэ. Аҕа сылыгар аналлаах логотип күрэҕэр кыралыын — улаханныын кытыннылар. Ол курдук, 11 үлэ киирдэ. Логотип күрэҕэр кыттыбыт кырачааннарбытыгар, тоһоҕолоон махтаныа этибит, дьоллоох Дьокуускай куоракка олорор сиэн оҕолорбутугар. Дойдуларын сонунун интэриэһиргээн, көрө олорон, ис сүрэхтэриттэн кыттыыны ылан, тапталлаах нэһилиэктэригэр сэмэй кылааттарын киллэрэллэригэр. Бу күннэргэ кыайыылаах аата ааттаныахтаах, олохтоох баһылыктан харчыннан бэлэх уонна махтал сурук тутара күүтүллэр.
Ити курдук, Сииттэбитигэр араас хабааннаах тэрээһиннэр быыстала суох ыытылла турарыгар, бар дьоммут көхтөөх кыттыыны ылан сэргэхсийэллэрэ, тэрийээччилэргэ үөрүү — көтүү эрэ буоларын өйдүөх тустаахпыт.
Марианна Сивцева.