Чөл олох — аныгы олох ирдэбилэ

Мин чөл олох пропагандиһынан үлэлээбитим ыраатта. Ол үлэм чэрчитинэн 2014 сыллаахха Дьахталлар 14 сийиэстэригэр «ЗОЖ современный стиль» переговорнай площадкаҕа санаа атастаһан кэлбитим. Бастаан үлэбит арыгыны бобуу-хаайыы, иһэр дьону дьүүллээһин, хаһыакка суруйуу эбит буоллаҕына, ол сийиэс кэпсэтиилэрэ миигин элбэххэ үөрэппиттэрэ, тактикабын тосту-туора уларыппыттара. Ол сийиэс кэнниттэн мин дьон арыгыны, наркотигы көрөн да туран, күһаҕанын өйдөөн, мөкү дьаллыкка ылларбаттарын туһугар улэлэһэбит диэн санааҕа киирбитим. Эдэр ыччат, оҕо өйө-санаата ханнык баҕарар информацияны ордук ылынымтыа, бэйэтигэр туһанымтыа буоларын билэр буоламмын, эдэр дьоҥҥо, оҕолорго лекцияларбын, киинэлэрбин көрдөрөн саҕалаабытым. Ол сылдьан үүнэр көлүөнэ иитиитигэр улахан кылааты киллэрэр, элбэх кинигэ ааптара, киэҥ билиилээх, улахан буукубаттан суруллар педагог Александра Алексеевна Егорованы кытта көрсүһүүнү дьылҕам бэлэх ууммута. Биһиги 2017 сылтан Кэбээйи орто оскуолатыгар «Чөл олох уруоктарын» ыытарга сөбүлэҥ ылан, үлэбитин саҕалаан барбыппыт. Ол кэнниттэн 5 сыл ааста. Статистика көрдөрөрүнэн урут тас дьайыылартан өлүү олус үрдүк буоллаҕына, кэнники кэккэ сылларга лаппа кыччаабыт эбит.

Ол иһин быйыл Үөһээ Дьааҥыттан чөл олох пропагандиһа, Саха өрөспүүбүлүкэтин социальнай үлэтин туйгуна Клавдия Христофоровна Попова кэлбитин истэн куораттан айаннаан кэлээт да, ол көрсүһүүгэ тэбиммитим, бииргэ төрөөбүт эдьиийин Марина Христофоровна Попова — биллиилээх ырыаһыт Лэгэнтэй ийэтин, айар киэьэтигэр кыттыбытым. Ол көрсүһүүгэ Клавдия Христофоровна үлэтэ киэҥин, элбэҕин сөҕөн астынным. Кыра сэлиэнньэҕэ мини бизнес-инкубатор тэриммиттэр, социальнай үлэтин таһынан өссө НКО тэринэн олохторугар ыарахан түгэҥҥэ түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөллөр эбит. Арыгыга ылларбыт дьоҥҥо сүрдээх улахан реабилитационнай үлэлэр бараллар, үлэтэ суох олорор кыргыттары бизнес-инкубатордарыгар ыҥыран үөрэтэллэр, үлэлэтэллэр эбит. Мин бэйэм уопуппун эмиэ үллэһинним. Кинилэр эмиэ оскуолаҕа үлэни ыыталларын таһынан, Александра Алексеевна биһикки уруоктарбыты нэмиэ олус сэҥээрэ иһиттэ. Биһиги улахан бөһүөлэкпитигэр маннык бизнес-инкубатор тэринэрбит буоллар, үлэтэ суох кыргыттарбыт үлэлиир, үөрэнэр кыахтарын тэрийиээбиппит диэн баҕа санаалаах тарҕаспыппыт.

Быраас, чөл олох пропагандиһа Любовь Стручкова.