Республикабыт үрдүнэн анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар аналлаах араас хабааннаах акциялар ыытылла тураллар. Чагда сэлиэнньэтин олохтоохторо бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр.
«Биһиги нэһилиэкпит республиканскай «Теплая Зима» акциятыттан туора турбакка оскуолабыт кыргыттара, ийэлэрбит, эбэлэрбит күүстэринэн оҥоһуллубут маскировачнай сеткалары, баһылыкпыт Айыл Александрович Седельников туһааннаах комиссияҕа туттарда. Акцияҕа кыттыспыт бары нэһилиэкпит кыргыттарыгар, ийэлэригэр, эбэлэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит», — дииллэр олохтоохтор.