“Илии сылааһа” диэн республикатааҕы иистэнэр сыах (салайааччы И.Е. Саввина) Мукучутааҕы филиала (салайааччы Н.В. Иванова) уонна олохтоох нэһилиэк оперативнай штабын начальнига (Н.И. баһылык Левин) бары биир сүбэнэн үлэлииллэр.
Ол курдук, Ирина Егоровна араас таҥастарынан уонна “Эр хоһуун” диэн анал фирменнай мөһөөччүгүнэн хааччыйда. “Филиал иистэнньэҥнэрэ комплект тиктилэр: рип-стоп таҥастан ыстааннаах курткалары, флистэн толстовкалары, тактическай ырбаахылары, чараас флистэн ис таҥас комплектарын, куллукулары. Маны таһынан алгыстаах саппыйалары бэлэмнээтилэр. Олохтоох волонтердар сиэл уллуҥнары оҥордулар”, — диир Наталья Васильевна.
«Муҥур Күөл» түөлбэ олохтоохторо, аҕыйах кэмҥэ сүбэлэһэ охсон 9 сиэл угунньаны, 33 саппыйаны тиктибит. Төһө да иллэҥнэрэ суох буоллар, устар күн саҕаланан баран бүппэт түбүктээх улахан ыал ийэлэрэ М.Н. Андросова, Р.И. Иванова, А.Д. Ноговицына, элбэх оҕолоох ийэ Е.А. Гуляева, саамай аҕа саастаахпыт И.П. Каратаева ис сүрэхтэриттэн кыһаллан иистэннилэр. Маны таһынан Таҥара орто оскуолатын технология учуутала, эмиэ биһиги түөлбэбит олохтооҕо Р.Н. Каратаева былыргылыы сиэли хатан 6 угунньаны оҥордо уонна үөрэтэр оҕолорун кытта элбэх саппыйаны тиктилэр. Барыбыт баҕа санаата туоллун, оҕолорбут этэҥҥэ дьиэлэригэр кэллиннэр”, — диэн волонтер Ксения Егоровна Новикова санаатын үллэстэр.
Алгыстаах саппыйаны оҥорор үлэни тэрийээччи Степанова Вилена Егоровна маннык сырдатар: “Саппыйаны бэлэмнээһиҥҥэ филиалга иллэҥ буоллулар эрэ кэлэн оҥороллор, сорохтор дьиэлэригэр тигэллэр. Арчылыы, араҥаччылыы сырыттын диэн санаанан салайтарабыт”.
“Улууспут “Дабаан” хаһыатын редакторын В.В. Эверстовы, шеф-редакторын Т.В. Левинаны, автор С.Н. Самсонова- Сиибиктэ, ИТ киини, администрация специалиһын А.А. Андросованы кытта бииргэ үлэлэһэммит дойдубут сонуннарын аахтыннар, билистиннэр диэммит хаһыат уктубут. Олохтоох дьаһалта “Сайылык” диэн кинигэни биэрдэ”, — диир модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ И.Н. Им.
Сири-уоту уопсастыбаннас бэйэтэ салайыныытын тэрилтэтин (территориальное общественное самоуправление ТОС) кытта ыкса үлэлиир специалист А.Н. Кычкина иһитиннэрэр: “Нэһилиэкпит олохтоохторугар, түөлбэ салайааччыларыгар анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, ыччаттарбытыгар баһыылка оҥорон ыытарбытыгар күүс көмө буолбуккутугар махтанабыт. ТОС «Муҥур күөл» (салайааччы Гоголева С.И.) 22000 тыһ. с. ТОС «Саһарҕа» (салайааччы Прокопьева В.Н.) 27500 тыһ. с. ТОС «Эрэл» (салайааччы Каримова К.Б.) 30000 тыһ. с. ТОС «Сарыал» (салайааччы Саввинова А.А.) 35000 тыһ. с. ТОС “Чэчир” (салайааччы Софронеева Р.А.) 15000 тыһ. с. ТОС «Тиэрбэс» (салайааччы Егорова Е.Е.) 15500 тыһ. с. ТОС»Кэскил» (салайааччы Соломонова С.В.) 25000 тыһ. с. Барыта холбоон 170000 тыһыынча солкуобай киирдэ. 46747 солк. наскы, наколенник, пояс, салфеткалар уо.д.а. ылылыннылар. Ордубут харчы барыларыгар түҥэтиллэр”.
Уопсай үлэ силигин ситэрэн төрөөбүт төрүт дойдуга ис сүрэхтэн оҥоһуллубут баһыылкалары олохтоох алгысчыт Валентина Ивановна Кондакова — Айтыына арчылаата. Оперативнай штаб начальнига Николай Иванович республиканскай сыахха, филиал иистэнньэҥнэригэр, түөлбэ салайааччыларыгар, олохтоохторго, социальнай партнердарга дириҥ махталын тириэртэ. “Бу бэлэмнэммит баһыылкалары былырыыҥҥы курдук тустаах буойуннарга түргэнник тиийэрин курдук Дьокуускайдааҕы почтаттан ыытабыт”, — диэтэ. Буойун уоллаттарбыт, кыргыттарбыт төрөөбүт сирдэригэр этэҥҥэ кыайан-хотон эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт.
Им И.Н.,Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ