Хоту дойду норуоттара түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит төрүт дьарыктарынан бултааһын уонна балыктааһын буолар. Бу идэлэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ былыр-былыргыттан чахчы бэриллэн испиттэрин туһунан сахалар түүр тыллаах өбүгэлэрэ тааска, хайалар тэллэхтэригэр түһэрэн хаалларбыт аарыма улахан тайахтар, ох саалаах булчуттар, кыыллар, көтөрдөр ойуулара туоһулууллар. Саха норуодунай суруйааччыта, биир дойдулаахпыт Николай Алексеевич Лугинов айымньытыгар барытыгар кэриэтэ булт туьунан суруйуллар. Биьиги бултааһыны уонна балыктааһыны интэриэһиргиир буоламмыт Николай Лугинов кэпсээннэригэр булт туьунан туох суруллубутун чинчийэн аахтыбыт.
Ол курдук “Чыркымай” кэпсээҥҥэ – бултанар кустар айылҕалара, олохторун майгыта суруллар. “Хабырылла оҕонньор үөрүүтэ” кэпсээҥҥэ – 86 саастаах булчут оҕонньор үөрүүтэ уонна дьиксиниитэ кэпсэнэр. “Киһи оннугар – киһи” кэпсээҥҥэ 15 саастаах уол ытын көмөтүнэн тайаҕы бултуур, дьонун-сэргэтинхоргуйууттан быыһыыр. Маны таһынан “Нуоралдьыма чараҥа” диэн сэһэнин сөбүлээн аахтыбыт.
Аан маҥнай Ньургун уол эбэтин кытта сылдьан ойуурга моҕотойу бултаабытын туһунан сиһилии суруллубут. Уол эмиэ да үөрэн, эмиэ да моҕотойу аһынан санаа мөккүөрүгэрылларбытыгар эбэтэ олус үөрэр. “Оҕом булдун дьиэбэр тиийэн сиэм” — диир. Кэпсээн булт суолтатын, булчут хайдах буолуохтааҕын туһунан кэпсиир.
Салгыы сэһэҥҥэ бултка сыһыаннаах маннык суруйуулар бааллар:
“- Оо, бу күнү күүттүм да этэ. Аан маҥнай дьиҥнээх улахан булчут курдук сааланан-сэптэнэн, толору тэринэн аҕабыныын куска хоно барабыт. Эбэм … дьааһык, сундуук түгэхтэриттэн оротолоон, миэхэ анаан уурбут түу истээх кээнчэлэри, куобах тириитэ сириэһиннээх куллука, уһун остоох хара саппыйаан хорсоох этэрбэһи булан кэтэрдитэлээбитэ. – Көтөрү иҥин көрдөххүнэ олох ыгылыйыма. Булчут холку буолуохтаах. Холку булчут хаһан да ыгым киһитээҕэр элбэҕи бултуйар.
— Күүтүүлээх күн дьэ үүннэҕэ үһү! Бу күнү хара күһүҥҥүттэн ыла уһун кыһыны быһа, уһун сааһы быһа кэтэһэн аххан биэрдим ээ! Маҥнайгы кылааһы үһэ суох бүтэрдэхпинэ, аҕам миэхэ саа атыылаһыах уонна куска илдьэ сылдьыах буолбута. Ол үлэх бүгүн туолан, маарыын күнүс аҥардас түөрт, биэс сыаналаах таабылбын аҕалан дьоммор көрдөрөн, дьэ бу кустуу баран истэхпит.
— Эбэбэр туох эмит бултаах төннүбүт киһи! Төһө эрэ күүтэн эрэр. — Үчүгэйдэриэн! Бу ханнык кустарый? – диэн уу сыстыбатах, ойуулаах кустары биир-биир имэрийтэлии олорон ыйытабын
— Моонньоҕоттор. Ити биир тыһы, иккитэ атыырдара, — диир аҕам уонна кустар кутуруктарыттан киистэ төбөтүн саҕа хара мөчөкө сыа түүлэрин ылҕаталаан ылар. — Мин дурдабыт аттыгар түһэн чохчоҥолуу олорбут кураҕаччыны өлөрөн уөрдүм-көттүм. Кустарбытын уонна мин кураҕаччыбын кэккэлэччи тиэрэ уурталыыбыт. Ол аата ханыы көрдөһүннэрдэхпит үһү”…
Ити курдук Николай Лугинов айымньылара булт туһунан кэпсиир, сырдатар, үөрэтэр баай ис хоһоонноохтор. Айымньылары ааҕан баран булт уонна булчут туһунан маннык түмүк санааҕа кэллибит:
1. Булчут бултуур күнүгэр-дьылыгар сөп тубэһэр таҥаһы таҥныахтаах. Кыһыҥҥы тымныыга чомпой бэргэһэ, таба тыьа күрүмү, истээх ыстаан, саҕынньах, истээх үтүлүк.
2. Булчут холку майгылаах буолуохтаах, ыксыа суохтаах, сиэри-туому тутуһуохтаах. Булдун наадатынан көрөн сөбүгэр эрэ бултуохтаах. Сахалар наһаа элбэх бултан дьиксинэллэр эбит.
3. Саха сүгүрүйэр ытык кыылларын уонна көтөрдөрүн тыытыллыа суохтаах.
4. Булт тута дьаһайыллыахтаах уонна туһаныллыахтаах.
5. Ийэ сиргэ, Айылҕаҕа сүгүрүйэн сиэри-туому тутуһуохтаах.
6. Бултуур тэрилин сөпкө оҥостуохтаах, ыраастык тутуохтаах.
Дамир Аргунов, Антон Оконешников,
8 кылаас, Кэбээйи оскуолата (2018 с.)
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Вера Заровняева