«Большие танцы» Кэбээйигэ

Үҥкүү диэн дьоҕур көрүҥэ, кэмҥэ уонна куйаарга ритмынан эт-сиин хамсаныыта. Үҥкүү тыла суох (мимиканан) билсии көрүҥнэрин ахсааннарыгар киирэр. Ол эбэтэр үҥкүүлээччи хамсаныы нөҥүө элбэҕи кэпсиир, билиһиннэрэр.

Култуура сайдыытын киинигэр өрөбүл күн дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Бүгүн манна 5-с төгүлүн ыытыллар улуустааҕы “Большие танцы” үҥкүү күрэҕэ тэрилиннэ. «Бу үҥкүү күрэҕин биһиэхэ методистыы сылдьан Надежда Романовна Софронеева аан бастаан тэрийэн ыытан көрөөччүлэр сөҕүүлэрин-махтайыыларын ылан турар», — диэн директор Любовь Семеновна Семенова кэпсиир. «Коллегабыт, дьүөгэбит Надежда Романовна билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Кини олус элбэх идеялардаах, көхтөөх, талааннаах үлэһит уонна киһи быһыытынан ураты майгылаах киһи этэ. Кини сырдык кэриэһигэр анааммыт бу күрэҕи улуус таһымыгар ыытар буолбуппут 5-с төгүлэ», — диэн директор салгыыр.

Любовь Семеновна сырдаппытыттан аҕыннахха,  үҥкүү дьоро киэһэтэ саҥа талааннары арыйар, улуус тэрилтэлэрин, түмсүүлэрин сомоҕолуур, нэһилиэк сынньалаҥын көхтөөхтүк тэрийэр сыаллаах-соруктаах ыытылынна. Үҥкүү күрэҕэр Куокуйтан Татьяна Удариновна Терехова салайааччылаах «Луҥха долгуннара”, Сардаана Даниловна Полятинская салайааччылаах “Нарыйаана” эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ, Тыайаттан Раиса Спиридоновна Лопатина салайааччылаах “Кэнчээри” оҕо саадын үҥкүүһүттэрин бөлөҕө кэлэн кыттаннар тэрээһини ситэрэн биэрбиттэр. Кэбээйиттэн түөрт үҥкүү бөлөҕө кыттыыны ылла.

Балтараа чаастаах үҥкүү түһүлгэтигэр араас норуоттар үҥкүүлэрэ, сахалыы үҥкүү арааһа толорулунна. Кэбээйи нэһилиэгин үҥкүүһүттэрин бөлөҕүн үҥкүүлэрин туруордулар СӨ культуратын туйгуна Валентина Николаевна Лугинова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Ирина Гаврильевна Кобякова. Күрэхтэһии түмүгүн таһаарыыга, миэстэлэри быһаарыыга сыана туруордулар Надежда Романовна төрөппүт кыыһа Светлана Ивановна Парфенова, бииргэ төрөөбүт балта Мария Романовна Данилова, хореограф Валентина Николаевна Лугинова уонна бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Полина Николаевна Данилова.

Сүбэ быһаарыытынан Гран — При кубогын ыллылар Кэбээйиттэн Татьяна Петровна Лепчикова салайааччылаах “Кэрэ” (уус-уран салайааччы И.Г. Кобякова) эдэр ыччат үҥкүүһүттэрин бөлөҕө. 1-кы истиэпэннээх Лауреат аатын сүктүлэр Кэбээйи “Кэскил” оҕо саадын (уус-уран салайааччы И.Г. Кобякова) кэллэктиибэ. 2-с истиэпэннээх Лауреат аатын “Луҥха долгуннара” (уус-уран салайааччы С.Д. Полятинская), 3-с истиэпэннээх Лауреат “Нарыйаана” (уус-уран салайааччы С.Д. Полятинская) Куокуй нэһилиэгин эдэр ийэлэрин үҥкүүһүттэрин бөлөҕө ыллылар. 1, 2, 3 истиэпэннээх дипломаннар буоллулар Кэбээйитээҕи участковай балыыһа үҥкүүһүттэрин бөлөҕө (уус-уран салайааччы В.Н. Лугинова), Тыайа нэһилиэгиттэн «Кэнчээри” оҕо саадын үҥкүүһүттэрин бөлөҕө уонна “Танцы для всех” фитнес бөлөҕө “Талбаана” (уус-уран салайааччы И.Г. Кобякова).

Маны таһынан анал ааттар олохтононнор үҥкүү бөлөхтөрүгэр «Көрөөччү бирииһэ”, Надежда Романовна бииргэ үөрэммит оҕолоро, биир курстаахтарын уонна “Дьүөгэлэр” түмсүү анал ааттары бириистээн туттардылар.

Дьоро киэһэ үөрүүлээх түмүктээһинигэр Надежда Романовна кыыһа Светлана Ивановна маннык дьоро киэһэни тэрийбит культура сайдыытын киинин кэллэктиибигэр, чуолаан Любовь Семеновнаҕа дириҥ махталын биллэрдэ. Тэрээһин саҕаланыытыгар көстүбүт видеоролик элбэҕи кэпсиирин, долгутарын, уйадытарын эттэ. Бу тэрээһини олус күүтэрин билиннэ. Надежда Романовна эдьиийэ Екатерина Романовна дойдутун салгынынан тыынан баран эрэриттэн дуоһуйуутун кэпсээтэ. «Бүгүҥҥү үөрүүлээх түгэн элбэҕи санатар уонна эрэннэрэр. Тэрээһин сылын аайы таһыма үрдээн эрэриттэн үөрдүм. Сэҥээрээччи, көрөөччү заалга толорута олус үөрдэр», — диир Екатерина Романовна. Кыттааччылар өссө да сайдан киэҥ сиринэн тэлэһийэ көтөллөрүгэр баҕа санаатын, эрэмньитин уонна махталын биллэрдэ.

Кыайыылаахтары бэлэмнээбит уус-уран салайааччы Ирина Гаврильевна Кобякова бу күрэҕи биһириирин биллэрэр. «Мин үс үҥкүү бөлөҕүн бэлэмнээммин кытыннардым. Үҥкүүһүттэрим таҥас-сап булунан, бэлэмнэниини көтүппэккэ эппиэтинэстээхтик сылдьаннар үтүө түмүктэри ситистибит. Көрөөччү да толору заал буолан олус көхтөөх”, — диэн санаатын Ирина Гаврильевна үллэстэр.

“Тэрээһиҥҥэ көҕүлээччилэр, өйөөччүлэр — спонсордар буолаллар. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ үп өттүнэн көмөлөстүлэр Надежда Романовна эт-хаан аймахтара, оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэрэ, култуура үөрэҕэр бииргэ үөрэммиттэрэ, култуура сайдыытын киинэ, дьүөгэлэрэ», — диир Любовь Семеновна.

Онон сэргэх тэрээһин сыалын-соругун толору ситэрэн көрөөччү да манньыйда, кыттааччы да астынна, тэрийээччи да дуоһуйда.

Татьяна Максимова-Лазарева