Болҕомто ууруллар

Тыайаҕа анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт төрөппүттэригэр, дьиэ кэргэттэригэр болҕомто тиһигин быспакка ууруллар.

Ол курдук, «Сахаэнерго» уонна «Түмсүү» култуура киинин үлэһиттэрэ от ыйын 26 күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Дьяконов Владимир Григорьевич төрөппүттэрин уһаайбаларын күрүөтүн көннөрөн, саҥардан биэрдилэр.

Улахан, бары өттүнэн дьоҕурдаах, хайҕалга сылдьар ыал амарах аҕата Григорий Григорьевич Дьяконов ыалдьыан иннинэ «Сахаэнерго» Тыайатааҕы станциятыгар маастарынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, онтон күн күбэй ийэтэ Светлана Михайловна биэнсийэҕэ тахсыар диэри «Түмсүү» култуура киинигэр үлэлээбитэ.
Амарах санаа, көмө оҥоруу санааны көтөҕөр, эрэли улаатыннарар.

Екатерина Архипова

Фото: Николая Дьяконова