«Биир санаалаах буоллахха кыайыылаах буолара оруннаах»

Кэбээйи улууһугар Саха сирин правительствотын 2023 сыллааҕы үлэтин түмүгүнэн отчуот бара турар. Улууспут бары нэһилиэктэрэ хабыллалларын туһугар отчуоттуур бөлөх икки биригээдэҕэ арахсан үлэлиир. Бастакы бөлөҕү предпринимательство, эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Ханды салайар, иккис бөлөҕү — Павел Иванов, юстиция госкэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ.

Баҕалаах дьон бары былаас ааспыт сылга ыытан кэлбит үлэтин истэн, интэриэһиргиир боппуруостарын биэрэн, ыытыллыбыт үлэҕэ сыанабылларын биэрэллэр. Лүкүсүгүн бөһүөлэгин олохтоохторо бу курдук санааларын үллэстэллэр:

«Лүксүгүҥҥэ правительство 2023 сыллааҕы отчуота бэрт сэргэхтик ааста. Ол курдук, сүрүн боппуруостарга сөптөөх хоруйдары ыллыбыт. Нэһилиэнньэ школа-сад, ФАП тутуутун уонна суол оҥоһуутун күүскэ туруоруста. Кураторбыт Павел Владимирович Иванов СВО-ҕа сылдьар уолаттарбыт төрөппүттэрин кытары ирэ-хоро кэпсэтэн, санаабытын күүһүрдэн биэрдэ.

Нэһилиэнньэ туруорсубут боппуруостара олоххо киирэригэр бары биир санаалаах буоллахха кыайыылаах буолара оруннаах».

Отчуот таһынан республикабыт, улууспут тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ олохтоохторго консультация оҥордулар. Дьон-сэргэ кэлбит специалистартан сүбэ-ама ыллылар.