Аргыстаах «Түмсүү»

Сөбүлүүр дьарык ситиһиигэ тиэрдиитэ өрүү үөрүүлээх уонна үрдүк сорукка аналлаах. Тыайаҕа «Түмсүү» сынньалаҥ киинин ылбаҕай ырыа аргыстаах үлэһиттэрэ «Күндээдэ» диэн ыллыыр түмсүүлээхтэр. Кинилэр хас тэрээһин аайы киһини үөрдэр, өрө көтөҕөр, долгутар, сонньутар ырыаларын бэлэх уунан көрөөччүлэрин үөрдэллэр уонна ыччаты, оҕолору ыллыыр абылаҥҥа угуйан дьарыктыыллар, үөрэтэллэр.

Уолаттар улуус, республика күрэстэригэр өрүү ситиһиилээхтик кытталлар. Ол курдук,  быйыл Иван Егорович Гуляев, Юрий Викторович Гуляев, Иван Иванович Григорьев буолан Покровскай куоракка ыытыллыбыт «Песни Родины -24» күрэскэ кыттан,  1 степеннээх лауреат үрдүк аатын ылан, уонна Юрий Гуляев соло толорон эмиэ 1 степеннээх лауреат буолары ситиһэннэр, биир дойдулаахтара улаханнык үөрдүбүт уонна хайҕаатыбыт.

«Күндээдэ» ырыа куттаах түмсүүгэ инникитин даҕаны ыллам ырыа эйгэтэ угуйа, үрдүк ситиһиигэ тиэрдэ турдун диэн баҕа санаабытын аныыбыт.

Екатерина Архипова