Арҕаска оскуола оҕолоро күүс-көмө буолаллар

Дойдуга буола турар Анал дьайыы дуораана биһиги Сахабыт сирин нэһилиэктэрин ыараханнык хаарыйар. Анал дьайыыга сылдьар буойуннарбыт неонацистары утары хорсуннук сэриилэһэллэрин сөҕө-махтайа истэбит, киэн туттабыт.

Биир дойдулаахпыт Денис Юрьевич Семенов анал дьайыыга ытык иэһин чиэстээхтик, хорсуннук толорбута, сэрии толоонуттан бааһырбыт табаарыһын таһаарбыта, бэйэтин харыстамматаҕа. Кини сырдык аатыгар сүгүрүйэбит, киэн туттабыт, умнубаппыт…

11 кылаас оҕолоро, салайааччы Васильева С.И., бу күннэргэ Денис Семенов дьиэ кэргэнигэр тиийэн хаар күртүлэр, заваленканы хаарынан хайдылар, муус киллэрдилэр.

Оҕолорго, кылаас салайааччытыгар дьиэ кэргэн аатыттан истиҥ махталларын тиэрдэллэр, махтаналлар. Кинилэр үөрэхтэрин ситиһиилээхтик туттаран, сөбүлүүр идэлэригэр үөрэнэн, дьоһун, үлэһит дьон буолалларыгар баҕараллар.

Нина Олесова, Арҕас бөһүөлэгэ.