Ыам ыйын 8 күнүгэр Арҕас бөһүөлэгэр Күбээдэккэ Ытык Сиргэ биир дойдулаахтарбытыгар туруоруллубут скверга кэриэстэбил тэрээһин буолан ааста, алаадьынан, үрүҥ аһынан сиэр-туом ыытылынна, гирлянда уурулунна. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Семенов И.В., библиотекарь Спиридонова В.Н., Олесова Н.Е. тыл эттилэр, ахтыы оҥордулар. Тэрээһиҥҥэ олохтоох кулууб коллектива (директор Илларионова Н.В) кыттыыны ыллылар.
1941-1942 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр улахан хомуурга Арҕас бөһүөлэгинэн 1, 2 Лүүчүн, Тыайа, Кэбээйи, Чагда, Мукучу нэһилиэктэртэн ким сатыы, ким атынан айаннаан кэлэннэр, Арҕаска үс хонукка түмсэннэр, барыта 300-кэ сэриигэ барааччылар тохтоон ааспыттара биллэр, манна интернакка ,ыалларынан тарҕаһан, Сангаартан баржа кэлэрин кэтэһэн, олохтоохторго кыра кэнсиэр көрдөрөн, ол кэмҥэ эдэр поэт Тимофей Сметанин саҥа хоһооннорун ааҕан, дьон санаатын көтөҕөн уоттаах төлөннөөх тыллары эппитэ биллэр.
Үһус күннэригэр Баржанан уполномоченнай кэлэн сэриигэ барааччылары арыаллаан Луҥха биэрэгин үрдүгэр турар Күбээдэк учаастагар тиийэннэр «Өйдүү саныы сылдьыахпы…» диэн оһуохайдаан ааспыппыт диэн онно сылдьыбыт кыһыл сулус орденнаах Кэбээйиттэн сылдьар Обутов Д., ахтыбыта , туоһулуур.
Ол «Ытык Сиргэ» 2019 сыллаахха Т.Е. Сметанин 100 сааһыгар аналлаах «Син биир этиэҕим, сирдээҕи дьолу билэбин» диэн өйдөбүнньүк сквер туруоруллан, биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын үйэтитэн, кэнчээри ыччакка кэрэни, сырдыгы, кэрэһэлии туруоҕа.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат…
Нина Олесова