Алтынньы 1 күнэ – суруналыыс, суруйааччы Иван Иннокентьевич Егоров төрөөбүтэ 85 сыла
Суруйааччы үбүлүөйдээх сааһын көрсө “Ылламматах ырыалардаах ырайдарбын астарбын…” – диэн кини хоһоонугар суруллубут 18 ырыа нотатын барытын таҥан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Роман Степанов, Ксения Новикова тэрийэн 100 ахсааннаах ырыанньык “Сайдам” издательствоҕа күн сирин көрдө.
“Ыра алыба күүстээх”— диэн киирии тылы суруйааччы чугас доҕоро Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан суруйда:
“Доҕорум Уйбаан Дьөгүөрэп – Сүгэһэрдээх «Саха комсомолун аатынан этэрээт марша» хоһоонугар композитор Захар Степанов ырыатын матыыба санаабын күүрдэн 20-с үйэ бүтүүтүнээҕи күүрээннээх кэмнэр өйбөр тиллэн көһүннүлэр. БАМ тутуута — дойду бүттүүнэ кыттыбыт, туруммут кэмэ этэ. Саха ыччата онно кыттыбытын Сүгэһэрдээх Уйбаан элбэх ыстатыйаларыгар, хоһоонноругар суруйбута. Кини айар-тутар кэмэ да оннук дирбиэннээх-дарбааннаах кэмнэр этэ. Оччолорго «Эдэр коммунист» хаһыат эппиэттээх сэкэрэтээрэ Иван Егоров – Сүгэһэрдээх, бэйэтэ да айар үлэтинэн өй-санаа туллар тутааҕа, дохсун уоҕа буолбут кэмэ этэ. Кини ырыа буолбут хоһоонноро анаабыт курдук дэхси тутуллаах, ис хоһооно лиирикэ иэйэр-куойар таһымын туоһута этилэр. Ону иилэ хабан ылан, Денис Данилов, Василий Зырянов матыып суруйан элбэх саха киһитин үрдүккэ көтүппүттэрэ. Айылҕа сиэдэрэй сирэмин, хамсыыр харамай, икки атахтаах ураты уоҕун таба көрөн хоһуйбутун ырыа айааччылар сыыска түһэрбэтэхтэрэ. Сүгэһэрдээх Уйбаан олус ыанньыйбыт айар талааныгар дьүөрэтик ырыа буолан тарҕаммыт хоһоонноро уостан түспэт аналларын булбуттара.Сүгэһэрдээх Уйбаан хоһооннорун ырыа айан өр үйэлээбит дьоҥҥо махталым барҕа!”.
Ырыанньыкка киирбит үс ырыа: “Эн хаарга сардаана үүннэрдин”, “Ырыам уонна сибэкким”, “Куйааска кууһума” QR – кодунан эмиэ аһыллыан сөп. Коду олохтоох ИТ – киин специалистара Айтал Андреев, Денис Гаврильев туруордулар.
Ырыа хомуурунньуга тахсыытын Танара орто оскуолатын 2004 сыллаах выпускниктара эбии үбүлээн көмөлөспүттэригэр суруйааччы дьиэ кэргэнэ, тэрийээччилэр дириҥ махталларын тиэрдэллэр.
Иккис кинигэ “Ийэ сүрэҕэ ” – диэн ааттаах бу күннэргэ “Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыахтаах.
Ксения Новикова