Олох сайдар эйгэтинэн олоруу — сирдээҕи дьол. Тулаҥ саҥаттан саҥа кэрдиискэ тахсарыгар кыттыһан истэххэ, тус олоҕуҥ тупсар. Саха сиригэр 1920-һис сыллартан “Ааҕар балаҕаннар” арыллан барбыттара, онтон Тыайаҕа 1943 сыллаахха дьаһал кэлэн, 1944-45 сылларга Роман Степанович Дьяконов сэбиэдиссэйдиир. Үлэтин хаамыытын улуус “Саҥа олох” хаһыатыгар суруйар эбит. 1948 сылтан “Байҕал” эбэ кытылыгар арыллыбыт ааҕар балаҕаҥҥа Иван Григорьевич Лугинов үлэлиир. 1954 сыллаахха бөһүөлэккэ көһөрөн Александра Ивановна Дьяконова, Прокопий Романович Софронеев, Дмитрий Степанович Дьяконов, Георгий Тимофеевич Корнилов, Зоя Николаевна Полятинская, Мария Ильинична Аманатова, Екатерина Егоровна Кондакова дьон-сэргэ өйүгэр хатанардыы, бэрт сэргэхтик үлэлээбиттэрэ. Онтон 2016 сылтан, ийэтин, СР культуратын туйгуна Екатерина Егоровна аатын ааттатан, кыыһа, хоһоон айыыга, прозаҕа айар дьоҕурдаах, Сюзанна Васильевна Кондакова үлэлии сылдьар. Кини үлэтин биир улахан суолтата-нэһилиэк устуоруйатын туһунан кинигэлэри бэлэмнээн таһаарыы буолар.
Онтон дьон культурнай сынньалаҥын тэрийии быһыытынан, 1952 сыллаахха кулууп диэн ааттанар дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Бастакы сэбиэдиссэйинэн Степан Спиридонович Петров буолбута. Кини кэнниттэн дьону түмэргэ, салайарга дьоҕурдаах М.И. Аманатова библиотекарь да буолан баран, кулууп үлэтигэр ыкса көмөлөһөрө. Люция Васильевна Кириллина, Олег Васильевич Павлов, Иван Семенович Лавров, Руслана Васильевна Саввинова көрдөрүнэн-нардарынан, сатабылларынан дьон болҕомтотун тардан сэргэхсийии улаатан бараллар. Бу кэнниттэн утуу-субуу имигэс үҥкүүһүттэр Наталья Ивановна Полятинская, Михаил Владимирович Дьяконов, Анна Васильевна Софронеева, Николай Семенович Дьяконов, Светлана Михайловна Дьяконова, Ольга Петровна Яковлева үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
“Түмсүү” диэн ааттанар, кырдьык да дьон-сэргэ түмсэр кулууба тэриллибитэ 75 сылын көрсө, Тыайаҕа улахан тэрээһин ыытылынна. Сангаартан, Кэбээйиттэн, Куокуйтан, Батамайтан кулууп үлэүиттэрэр кэлэн үөрэнэн эрэ барбакка, олохтоохторго ылбаҕай ырыаларын, имигэс үҥкүүлэрин бэлэхтээн барбыттарын хайҕаатыбыт. Үлэһиттэр аныгы технологияны баһылааһыҥҥа үөрэниилэриттэн саҕалаан, саҥа тахсыбыт “Ааҕар балаҕантан” “Түмсүүгэ” кинигэни сүрэхтээһин, үлэлии сылдьыбыт дьон үтүө тылынан ахтыллан, кулууп үлэтигэр көхтөөх кыттааччылар бэлиэтэнэн, олохтоохтор уонна ыалдьыттар холбоһуктаах концертара буолан бэркэ астынан тарҕастыбыт. Кэлбит ыалдьыттартан, тэрээһин туһунан Куокуйтан Полина Андреевна Бубякина санаатын бу курдук суруйбут: «Олунньу 16 күнүгэр Тыайа нэһилиэгин “Түмсүү” сынньалаҥ киинэ уонна П.С. Софронеев аатынан олохтоох бибилиотека айар-тутар үлэтэ 75 сааһын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ “Угуйаан” культура киинин үлэһиттэрэ баран кэллибит. “Түмсүү” сынньалаҥ киинигэр киирии ааҥҥа сахалыы сиэри-туому тутуһан “Холумтан” түмсүүлэрэ буруонан ыраастаан, саламааттаах алаадьынан күндүлээн көрүстүлэр. Аҕа баһылык Сидор Сидорович Дьяконов тыл этэнтэрээһини саҕалаата. Улуустааҕы култуура салалтатын салайааччыта Алексей Николаевич Терехов эҕэрдэлээн туран, семинарбыт саҕаланан барда. Эбиэккэ диэри култуура үлэһиттэрэ аныгы технологияны баһылааһыҥҥа Татьяна Семеновна Габышева көрдөрөн, быһааран, сиһилии кэпсээтэ, үөрэттэ. Ол кэннэ бары тутуспутунан Н.Х. Дьяконов аатынан орто оскуола остолобуойугар комплеснай эбиэт тэрийбиттэригэр тото-хана аһаатыбыт. 15 чаастан кулуупка “Ааҕар балаҕантан “Түмсүү киинигэр” диэн бэйэлэрэ таһаарбыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Араас сылларга үлэлээбит-хамсаабыт, үлэлии да сылдьар дьоннорун-сэргэлэрин чиэстээтилэр. Тыайа нэһилиэгин самодеятельноһын күүһүнэн тэриллибит бырааһынньыктааҕы улахан кэнсиэри дуоһуйа көрдүбүт. Тэрээһин бырааһынньыктааҕы сандалы остуолунан түмүктэннэ. Тыайа нэһилиэгин баһылыга С.С. Дьяконов хайдах үлэлээн, тэринэн олороллорун, туох былаан ситииллиэхтээҕин барытын билиһиннэрдэ. Тыайа нэһилиэгэ түөрт түмсүүлээх эбит. Бу түмсүүлэр бары нэһилиэк, улуус, республикаҕа ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталларынан көрдөххө, бары биир дьиэ кэргэн курдуктар. Тыайалар таһымнаахтык, туругуран туран үлэлииллэрэр көстөр. Түгэнинэн туһанан, махтаныа этибит, аҕа баһылыкка Сидор Сидоровичка, улуустааҕы култуура салалтатын начальнигар А.Н. Тереховка, Т.С. Габышеваҕа, коллегабытыгар И.Е.Гуляевка, “Түмсүү” култуура киинин үлэһиттэригэр, М.М. Дьяконова салайар “Алаас” эбээ түмсүүтүн кыттыылаахтара наһаа үчүгэйдэр, үҥкүү-ырыа аргыстаах сылдьалларыттан, “Холумтан” түмсүү көхтөөхтөрүн, чуолаан Е.Я. Архипова улахан үлэни ыытарын сөхтүбүт. Өссө түмэл ситэриллэн үлэҕэ киириэхтээх эбитэ хайҕаллаах дьыала.
Тыайа нэһилиэгэ наһаа ыалдьытымсах-үөрүнньэҥ. Бу тэрээһин күүстээх үлэттэн тахсар, онон, биһиги, ыалдьыттар сөхтүбүт, маннык тэрээһиҥҥэ сылдьан, маанылаах остуол аһынан күндүлэнэн, өссө, хас кэлбит киһи өйдөбүнньүк бэлэхтэри тутан үөрүүбүт үгүс.
Этэҥҥэ эрэ буолуҥ, ситиһии, дьол-саргы тосхойдун!”
Онтон түргэн-тарҕан туттуулаах, ырыаһыт, тамада, барыга бары дьоҕурдаах, “Түмсүү” сынньалаҥ киинин салайааччыта Иван Егорович Гуляев, ылбаҕай ырыаһыт, илиитигэр талааннаах Юрий Викторович Гуляев, сценкаларга артыыстыыр талааннаах, ырааһы тутар Алена Алексеевна Захароваҕа, кинигэ алыптаах эйгэтигэр угуйааччы Сюзанна Васильевна Кондаковаҕа инникитин даҕаны дьону-сэргэни түмэр, айар үлэҕит сайда-туругура турарын туһугар, чөл куттаах, чэгиэн доруобуйалаах буола турургытыгар баҕарабыт.
Екатерина Архипова