Cэтинньи 11 күнүгэр131 сыллааҕыта бэйиэт, прозаик, драматург, сахалартан биир бастакы лингвист-учуонай, уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай күн сирин көрбүтэ. Бу бэлиэ күҥҥэ оскуола үөрэнээччилэригэр улуу киһи туһунан кэпсээтибит.
Кини 1893 сыллаахха Боотурускай улууһугар Дьохсоҕон нэһилиэгэр Ойуун ууһа диэн Сэккээччи аҕатын ууһугар улуу киһи кута уһуллан, модун санаата иитиллэн тахсыахтаах сиэринэн, дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Хоочугур Силэпсиэптэр олохторунан төрүттэрэ дуоҕа анньан түөрэх кэбиһэн олохсуйбут мааны алааһа Тохтобул эбэ хотун. Кыстыктара Таатта үрэх үрдэ Халамнаайы күөлүн атаҕа Муҥха дэлбэрийбит алааһа.
Ийэтэ Дьэбдьиэкэй уонна эһэтэ Унаар Уйбаан кэрэ кэпсээнньит, остуоруйаһыт дьон этилэр. Эһэтигэр Дьүлэй нэһилиэгэр хоноһолуу сылдьан уолчаан улуу олоҥхоһуттары И.Н. Винокуровы–Табаахырабы, Ньукулай Маалгыны-Көтүөхэ Уолун батыһа сылдьан истэрэ, кинилэргэ уһуллар. Ону таһынан ааттаах ырыаһыттары Ырыа Ылдьааны, Миинэ Уола Дьөгүөрсэни тэллэх уопса сылдьан үтүктэрэ. Ыаллара үһүс Дьохсоҕон олоҥхоһуттарын С.А.Саввины–Куохайааны, А.Н.Харлампьевы–Кылачыыһабы, аймаҕа Мандылымыан Слепцову, абаҕата ыраас чуор куоластаах Баһылай Слепцову- Аллака Баасканы кэрэ эйгэҕэ сиэтэн киллэрбит дьонунан ааҕара. Дьэ итинник эйгэҕэ улааппыт оҕо уус-уран көрүүтэ ураты, тыла имэҥнээх-илбистээх, өйө-санаата дириҥ буолара эрдэттэн биллибитэ уонна кэлин поэт, суруйааччы буоларыгар тирэх буолбута. Былатыан оскуоланы бүтэрэрин кытта улуус оруодаларын аҕа баһылыктара сүбэлэһэн баран, дьоҕурдаах оҕо үөрэннэҕинэ табыллар диэн, Дьокуускай куоракка үөрэттэрэ ыыталлар. 1910 с. оччолорго Дьокуускай куорат түөрт кылаастаах училищетын учуутала ыаллара, күтүөттэрэ Е.М.Егасов Былатыан уолу салгыы үөрэттэрээри куоракка батыһыннаран киллэрэр. Киһитэ эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран, тута оскуолаҕа киирэр. Манна кини абаҕата, Таатта дуулаҕа баайа Нээстэр Платонович Слепцов ыйааһыннаах тыла улахан оруолламмыт. Нээстэр Кулуба Күүтүмньү Сүөдэр иккис ойоҕуттан төрөөбүт Былатыан диэн уолуттан төрөөбүт. Ол абаҕатын аатынан Ойуунускайы Былатыан диэбиттэр. Былатыан үөрэнэригэр улахан оруолу убайа Никита ылбыт. “Убайым Микиитэ үлэҕэ-хамнаска киирэрин кэрэйбэккэ, тэрийэн үөрэттэрбитэ (убайбын кэлин бандьыыттар өлөрбүттэрэ, кини оччоҕо нэһилиэккэ ревком бэрэссэдээтэлэ этэ)”, — диэн ахтар кини. Никита Былатыаны олус таптыыра уонна кини хайаан да үөрэхтээх киһи буолуоҕун баҕаран уол каникулугар барарыгар-кэлэригэр атынан тиэйэн таһаарара уонна киллэрэрэ, бэйэтэ булан өйүө-тайма тэрийэрэ. Платон Алексеевич бэйэтин кэпсээниттэн биллэххэ, өһөс уолчаан бардам майгылаах абаҕатыгар Нээстэргэ өстүйэ улааппыт. Кини кыра эрдэҕиттэн атаҕастабылы, батталы, сэнэбили абааһы көрө улааппыт уонна оччолортон да утарылаһар эбит. Ол эрээри тоҕо эрэ баайгын диэбэккэ абаҕатын уолаттарын — убайдарын Михаил Нестерович Слепцову–2, Михаил Нестерович Слепцову–1, Константин Нестеровиһы олус убаастыыр, ытыктыыр этэ. Аҕата Хоочугур Өлөксөй хомолтолоохтук өлүүтэ уолчаан баайдарга өстүйүүтүн ордук сэтэрэтэр. Ити ыарахан олох уолчааны ылыммыт санааны ыһыктыбат буоларга ыстаал курдук буһарбыт-хатарбыт.
Архыыптан.
Елена Слепцова-Куорсуннаах матырыйаалыттан