Музыка күнүгэр Луҥха Өлөксөйгө аналлаах дьоро киэһэ буолла

Алтынньы 1 күнүгэр Аан дойдутааҕы музыка күнэ. Бары музыка эйгэтигэр үлэлиир, музыка аптаах абылаҥар уйдаран ыллыыр-туойар, үҥкүүлүүр искусство кэрэ эйгэтин сэҥээрэр бар дьоммутун эҕэрдэлиибит. Бу күн биһиги, Куокуй нэһилиэгин киэн туттар киһибит, үгүс, кэнчээри ыччаты ырыа абылаҥар үөрэппит, такайбыт, бэйэтэ ырыаны олоҕун доҕор оҥостубут ытык киһибит, Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөйө, СР народнай артыыһа, культура үтүөлээх үлэһитэ, СР профессиональнай үөрэхтээһин туйгуна, Кэбээйи улууһун, Куокуй, Мукучу, Кэбээйи нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ, М.Е. Николаев «Во имя славу Республики» Фондатын лауреата, Саха сиригэр Ырыа Күнэ проект, Дьокуускай куорат гимнин, «Дьүһүй» саха ырыатын кулуубун ааптара, самодеятельнай композитор, мелодист төрөөбүт күнүн чэрчитинэн «Олоҕу уруйдуур тойугум» дьоро киэһэ буолан ааста.

Тэрээһини Варвара Калининская тылларыгар, Алексей Калининскай матыыбыгар «Куокуй нэһилиэгин Өрөгөй ырыатынан» «Луҥха долгуннара» үрүҥ көмүс волонтёрдар арыйдылар. Бу күн Алексей Калининскай саха ырыа куттаах дьонун-сэргэтин биһирэбилин ылбыт ырыаларын «Сардаана», «Сыдьаайа» вокальнай ансаамбыллар, Сардаана Полятинская, Зоя Гуляева толордулар. Сүрдээх сэргэх , истиҥ иэйиилээх , ылбаҕай тыллардаах,тупсаҕай матыыптаах кэрэ ырыаларынан Луҥха э бэбитин, эйэлээх олоҕу, олоххо тапталы туойдулар. Куокуй орто оскуолатын библиотекара Антонина Петровна Павлова, саха тылын учуутала Саргылана Николаевна Унарова, 11 кылаас үөрэнээччитэ Вадим Игнатьев Луҥха Өлөксөйүн айар үлэтин чинчийиилэриттэн иһитиннэрии оҥордулар. Нэһилиэкпит олохтоох библиотекара Варвара Никифоровна Спиридонова бэлэмнээбит «Кэрэҕэ аналбыт» кинигэ быыстапката туруорулунна.

Бэс ыйыгар Алексей Кириллович бииргэ үөрэммит доҕотторун көҕүлээһининэн, Куокуйга кэлэн айылҕаҕа сынньанан, нэһилиэнньэни кытары көрсүһүү тэрийэн, «Сибэкки биһикки» духуобунас скверыгар, культура киинигэр уонна оскуолаҕа ыйаныахтаах куйаар кодтаах табличкалары бэлэх ууммуттара. Бу куйаар кодунан киирдэххэ Алексей Кириллович 24 ырыата уонна 16 видероликтара баар, аудио ырыалар, видеоклиптар куйаар ситиминэн арыллаллар. Аныгы олох ирдэбилинэн оҥоһуллубут табличка «Угуйаан» культура киинин истиэнэтин киэргэттэ.

Бу дьоро күҥҥэ Алексей Кириллович Куокуй нэһилиэгин урбаанньыт, «Луҥха долгуннара» үҥкүү бөлөҕү көхтөөх кыттааччыта, үрүҥ көмүс волонтёр Анастасия Михайловна Игнатьева «Сардааналаах кырдалга» диэн саҥа ырыатын Алексей Калининскай бэйэтэ толоруутун ватсап ситимин нөҥүө ыытан, тэрээһин суолтатын үрдэттэ үөрүүбүтүн үксэттэ. Тэрээһиҥҥэ олохтоох ааптардар ырыалара дуораһыйа көттүлэр. Ол курдук, Алексей Кириллович бииргэ үөрэммит доҕоро, дэгиттэр баянист, мелодист Павел Иванов матыыбыгар, Геннадий Иванов тылларыгар «Суугунаа, аар тайҕам, суугунаа» ырыаны Геннадий Васильевич Иванов толордо. Кэрэ куоластаах, СР культуратын туйгуна, СР ырыа айааччыларын чилиэнэ Татьяна Гаврильева Суздалова матыыбыгар Геннадий Иванов тылларыгар «Күөрэгэй» ырыатын Зоя Гуляева ыллаата. «Луҥха» вокальнай инструментальнай ансаамбыл солиһа, элбэх ырыа ааптара Григорий Спиридонов ырыатын Никифор Спиридонов бэлэх уунна. СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Нина Егоровна Олесова Алексей Калининскай учууталын, Ольга Ивановна Гуляева «Живая нить древнего шитья» быыстапкатын кэпсээн, дьоро киэһэбитин биир ситимнээтэ. Тэрээһиҥҥэ олохтоох авторга уонна мелодистка Петр Игнатьевка үөлээннээхтэрэ истиҥ тыллаах эҕэрдэ суругу уонна бэлэхтэрин туттардылар. Петр Игнатьев матыыбыгар, тылларыгар, куокуйдар гимн кынан көтүппүт, дьон биһирэбилин ылбыт «Бүгүҥҥү Куокуйга», уопсай ырыанан биир дойдулаахпыт Алексей Калининскай — Луҥха Өлөксөйүгэр анаммыт «Олоҕу уруйдуур тойугум» ырыа дьоро киэһэтэ түмүктэннэ.

Надежда Илларионова