Дьиэ кэргэн сылыгар анаан Кальвица сэлиэнньэтэ Дьиэ кэргэн күнүгэр уус уран быыстапкатын «Иис-уус утума»оҥоһуктары дьон-сэргэ, оҕо-аймах көрүүтүгэр туруорда. Манна эгэлгэ кырадаһын кыбытык, макраме, мозаика, натуральнай таас, чоху хахтарынан, маллаах иһит, удьурхай оҥоһукттар, оҕуруо көрүҥнэрэ турдулар. Мария Николаевна Архипова кыбытыгынан тикппит быыччык пледа, ат симэҕэ уран тарбаҕынан кыбытыгы мииннэри анньан быысыбайдаан тикппитэ дьон сэҥээриитин биһирэбилин ылла. Аксиния Николаевна Павлова макраме үлэлэрэ сөхтөрдүлэр. Аныгы үйэ сатабыллара кэрэхсэбиллээхтик киирэн, хас биирдии дьиэ кэргэн ыала мозаика оҥоһук эмиэ киһи хараҕын далыгар сылдьара, ойуччу тутан уус хараҕынан анааран Наталья Иннокентьевна Иванова баһылаабыта көсттөр. Мария Бруновна Новгородова киһи астына кэрэхсии көрөр «Манньыаттаах маһа», чоху хаҕынан оҥоһуллубут эгэлгэ сибэккилэрэ, натуральнай таастан симэммит оҥоһуга киһи хараҕын үөрдэр үтүө оҥоһуктар.
Ону таһынан, Кальвица» Далбар эбээлэр» түмсүүлэрин көҕүлээһининэн эмиэ сүрэхтэрин баҕаларынан Мария Касьяновна Левина, Мария Николаевна Архипова, Аксиния Николаевна Павлова, иискэ угуйар-үөрэтэр эрбэххэ баттанар дьоммут буолаллар, эдэр ыччат дьоммутугар сахалыы ииһи сөргүтэр сыаллаах оҥоһуктарын тэрилтэлэргэ бэлэх ууналлар, орто көлүөнэ дьонун иисккэ уһуйа сылдьаллара биһигини үөрдэр кэрэҕэ кынаттыыр.
Бүгүн Дьиэ кэргэн күнүгэр тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бары дьоммутун дьиэ кэргэттэри, Норуот айымньытын үлэһиттэригэр барҕа махталбытын, бигэ туруктаах баай байылыат олоҕу, эйэлээх ыраас халлааны, дьолу-соргуну баҕарабыт.
Олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ Е. Гуляева.