Кэбээйигэ Олоҥхо Эйгэтэ

Кэбээйигэ 2026 сылга Олоҥхо Ыһыаҕа буоларыгар бэлэмнэнэн, улууспутугар Культурнай нэһилиэстибэ сылын чэрчитинэн, торумнаммытынан, Ийэ Тыл күнүгэр үс күннээх улууснай «Олоҥхо Эйгэтэ» киэҥ ис хоһоонноох семинар биир тыынынан тэриллэн ааста. Былырыыҥҥы проекпын салҕаан Тааттаттан «Олоҥхо Суолунан Айан» түмсүү, сал. А.М. Егасова, Өймөкөөн Олоҥхо ыһыаҕын олоҥхоҕо күрэҕин кылаан кыайыылааҕа А.Н. Николаев ыҥырыыбын ылынан айаннаан кэлэннэр, бастакы күҥҥэ «Олоҥхо Эйгэтэ» семинарбыт төгүрүк остуолун тула олорон «Кэбээйи Олоҥхоһуттара», «Кэбээйи Фольклора» кинигэлэри ырытыһан, Кэбээйигэ олорон ааспыт олоҥхоһуттарбытын ахтан санаан аастыбыт. Манна кыттыыны ыллылар Куокуйтан, Мукучуттан, Мастаахтан, Тыайаттан уонна Кэбээйиттэн. Ол курдук, Кырса Сөдүөт, Куоҕас Уйбаан, Дуйаҥ Өлөксөй уолунаан Букканныырдыын, Сөмөкө, Кэрэмэс уолунаан Кынаачайдыын, уонна Дьаргыл Дьаакып убайынаан ахтыллан аастылар.

Кэбээйибитигэр былыр хас нэһилиэк аайы уоннуу олоҥхоһут олоҥхолоон ааспыт, ол ааспыт кэм ирдэбилинэн сахалыы таҥныы, оһуохайдыыр, олоҥхолуур бобуллан кэхтэ быһыытыйбытын бары билэбит. Ол кэмнэр ааһан, төрдү төбөнү түөһэн төрүччүнү үөрэтэн өбүгэлэрбититтэн сыдьааннарын удьуордарбытын дириҥник чинчийэн үөрэтэн сөргүтэр кэммит кэллэ.

Семинар чэрчитинэн » Олоҥхо Эйгэтэ» улуустааҕы уус уран оҥоһуктар выставкаларын көрүү «Сайдам» норуот айымньытын дьиэтигэр буолан «Якутия мастеровая»  кыттар үлэлэр талылыннылар.

Үс күннээх олоҥхону күргүөмүнэн толорууга, уобарастары арыйыыга маастар кылаастар саха балаҕаныгар ыытылыннылар. Бэҕэһээ төгүрүк остуол түмүгүнэн икки сыллаах олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии план проект резолюцията ылылынна.

Нэһилиэнньэ көрүүтүгэр Кырса Сөдүөт » Биэ Уола Бэйбэлдьин Тулаайах » олоҥхону туруоран күргүөмүнэн толоруу буолла . Ыалдьыппыт биллиилээх олоҥхоһут Алексей Николаев «Айыы Дугуйдах» олоҥхотун олоҥхолоон соҕотох толоруу холобурун көрдөрдө. Күндү ыалдьыттарбытыгар А.М. Егасоваҕа, А.Н. Николаевка улууспут баһылыгын Иван Левин аатыттан Махтал суруктары кытта «Кэбээйи Фольклора» кинигэбитин бэлэх уунна аны сайын улууспут ыһыаҕар кэлээриҥ диэн ыҥырда улуус культуратын управлениетын начальнига А.Н. Терехов.
Кэбээйи нэһилиэгин баһылыга Илья Левин Махтал сурук туттарда.

Хардатын Акулина Михайловна олоҥхону айааччы буоларын быһыытынан, бэйэтин олоҥхотун кинигэтин олохтоох библиотекаҕа уонна миэхэ бэлэх уунна.

Түмүгэр бары бу олоҥхо тыынын ылбыт үтүө түгэммитин үйэтитэн, хаартыскаҕа түстүбүт. «Олоҥхо Эйгэтэ» семинар торумнаныллыбыт соругун ситистэ. Кыттыбыт дьон сүргэтэ көтөҕүлүннэ. Инники бу курдук түмсүүлээхтик икки сыллаах былаан проекпытынан үлэ салаллан барыаҕа диэн илии тутуһан өрө көтөҕүллэн тарҕастыбыт .

Ил Ииһэ Санаайа.