Ыраас уу — доруобай буолуу кэрэһитэ

Кэбээйи нэһилиэгэр чугас эргин 9 күөл баар. Бу күөллэртэн олохтоохтор ууну кыһыннары-сайыннары туттан олоробут. Кэккэ сылларга курааннаан күөллэр уолан, ону сэргэ күөл аата күөл, сайҕаммат, турар уу буолан уутун састаабыгар доруобуйаҕа соччото суох дьайыылары оҥорор эттиктэр көрдөрүүлэрэ үрдээбитин олохтоохтор истэр буоллубут.

Оннугун сэрэйэр эрэ этибит. Ону туоһулуур сыаллаах 2021 с-н Дьокуускай куораттан биһиги иһэн-аһаан олорор күөллэрбит туруктарын быһаараары чинчийиилэр тэриллэллэр. Быйылгы экологическай экспедиция “Эйгэ” экологическай сырдатар “Живая вода” диэн СР Ил Дарханын гранын бырайыагын чэрчитинэн ыытылынна. Салайааччы – биир дойдулаахпыт тыа хаһаайыстыбатын билимин кандидата, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна Дмитриева Валентина Иннокентьевна. Экспедицияҕа Кэбээйи орто оскуолатын “Экос” лааҕырын (салайааччылар В.Н., А.С. Заровняевтар) 14 оҕото уонна оскуолабыт выпускниктара, ХИФУ ЕНИ студеннара Оксана Максимова, Егор Лугинов кытыннылар. Күөл кээмэйин, үүнээйилэрин, уутун састаабын, түгэҕэр олохсуйбут үөнү-көйүүрү чинчийдилэр.

Бу үс күннээх экспедиция үлэтин түмүгүн иһитиннэрэ уонна нэһилиэккэ ыраас уу боппуруоһун быһаарарга сүбэлэһээри баһылык солбуйааччыта Михаил Романович Софронеев, общественниктар, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ Софья Николаевна Кобякова, Спиридон Тимофеевич Сметанин, инженер-землеустроитель Надежда Семеновна Семенова, терапевт быраас Любовь Петровна Стручкова, тэрилтэ салайааччылара, ветеринарнай станцияттан Наталья Николаевна Обутова, депутаттар, урбаанньыттар кыттыылаах төгүрүк остуол тэрилиннэ.

Сүбэ кэпсэтии бастатан туран экспедиция кыттыылаахтарын истииттэн саҕаланна. 9 кылаас үөрэнээччитэ Каролина Дьяконова экспедиция түөрт хайысхатын (гидрохимия, гидробиология, геоботаника, морфометрия) сыалын-соругун билиһиннэрдэ. Эколог студент Эльдар Иванов салайыытынан “Экос” лааҕыр үөрэнээччитэ Петя Эверстов күөллэр кээмэйдэрин эхолот, дальномер туттан хайдах үөрэппиттэрин кэпсээтилэр. Сиҥнээли, Малыыда, Тарыҥ Күөл уонна уу баһар Дүөдэ ууларын таһымын схемаларын көрдөрдүлэр, инники оҥоһуллубут карталары кытта тэҥнээтилэр.

Аныгы прибордары туттан күөл иэнин, дириҥин, түгэҕин ньуурун, төһө уу баарын дэбигис билиэххэ сөп эбит. Аны күөлгэ үүнэр үүнээйилэри чинчийбит Оксана Максимова уонна Кристина Оконешникова кэпсииллэринэн Сиҥнээли күөлгэ ряска болотная диэн кирдээх ууга үүнэр үүнээйи олус элбээбитин, ол эрэн онон-манан манчаары от баара сорох сиринэн уу үчүгэй туруктааҕын көрдөрөрүн биллибит. Малыыда Эбэ аҕыйах араастаах эрээри олус өлгөм үүнээйилээх. Тарыҥ күөл уута үүнээйилэринэн быһаардахха үчүгэй туруктаах. Чугаһынан эмтээх оттор: ымыйах, тимэх от, бохсурҕан хото үүммүттэр, маны таһынан люпинныҥы клевер баар эбит. Виолетта Левина, Аня Иванова уонна Андрей Аргунов күөллэр үөннэрин-көйүүрдэрин үөрэппиттэр, ол эбэтэр гидробиологиянан дьарыктаммыттар. Проба ылан, уруһуйдаан, ааттарын билэн уу туругун быһаарарга холоммуттар.

Онтон Тимофей Винокуров уу болоорхойун (мутность) анал приборунан быһаарбыт. Тимофей этэринэн Малыыда күөл уута олус болоорхой эбит. Саамай ыраас уу билигин нэһилиэнньэ иһэ олорор Дүөдэ уута — водовозтар уу баһар сирдэрэ. Толору көрдөрүүгэ эппиэттээбэт да буоллар атын күөллэрдээҕэр ыраас уулаах диэн быһаарбыттар. Кычкин Игорь гидрохимия хайысхатын түмүгүн билиһиннэрдэ. 11 параметрынан анализ түмүгүнэн күөллэрбит уулара кислотноһа ирдэбилтэн арыый да үрдүк, Малыыда, Липпэлээх, Тарыҥ күөллэргэ нитрат кээмэйэ үрдүк, атын көрдөрүүлэр үчүгэйдэр. Төгүрүк остуол кыттыылаахтара Хатыҥ Атах уонна Арбаҥда күөллэр ууларын чинчийэри наадалааҕынан аахтылар.

Салгыы «Алмазная вода” ууну ыраастыыр киинтэн Егор Лугинов кэпсээтэ. Егор бу кииҥҥэ ууну ыраастыыр ньыманы сиһилии билиһиннэрдэ. Ыраастаммыт ууну туттарга ыҥырда. Оҕолор кэпсээбиттэрин кэнниттэн биир сыалы-соругу туруорунан ыраас уу боппуруоһун быһаарыы тула кэпсэтии саҕаланна.

Валентина Иннокентьевна төгүрүк остуол кыттыылаахтарыгар күөллэри хайдах ыраастыыр ньымалар баалларын, ыраас ууну туох ньыманан оҥорор кыахтары дьон туһанарын холобурдаан туран кэпсээтэ. Кэбээйилэр туруннахтарына ыраас уу боппуруоһа быһаарыллар кыахтааҕын уонна үбү-харчыны булуу, ону сөпкө туһаныы ньымаларын таарыйан ааста. Эльдар Иванов ууну ыраастыыр агрегаттар нэһилиэккэ турар кыахтаахтарын, кыамталарын билиһиннэрдэ. Игорь Кычкин Сиҥнээли күөлгэ сынньанар, сөтүөлүүр сир оҥоһулларыгар бырайыак оҥоһуллуон сөптөөҕүн уонна кини ити бырайыакка тус кыттыылаах буолуон баҕарарын сытыытык биллэрэн төгүрүк остуол кыттыылаахтарын сэҥээриитин ылла. Терапевт быраас Любовь Петровна Стручкова нэһилиэнньэ олохтоохторун доруобуйата ууттан олус тутулуктаммытын чопчу бэлиэтээтэ. Бу боппуруос сүрүн болҕомтону ыларга уолдьаспытын эттэ.

Баһылык солбуйааччыта Михаил Романович Софронеев үөһээ этиллибит санаалар, этиилэр олоххо киирэллэригэр үүнэр сылларга торумнаан, былааннаан оҥоһулларыгар ылсар санаалааҕын биллэрдэ.

Татьяна Максимова-Лазарева