Сииттэҕэ, Саха республикатыгар Үлэ сыла биллэриллэн, туһааннаах, үйэлээх тэрээһиннэр бэрт сэргэхтик бара тураллара, бар дьоммут болҕомтотун тардыбыта буолар.
Улахан тэрээһиммит үһүс чааһыгар, нэһилиэкпит аҕыс дьиэ кэргэнин, атах тэпсэн олорон тапталлаах оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ олус киэҥник, дириҥник билиһиннэрдилэр, кэпсээтилэр. Үтүө дьоммут, төрөөбүт дойдулара, улуустара, республикалара барҕара сайдарыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит, үтүө үлэһит дьоммутун ахтан — санаан, ааттарын ааттаан, үйэтитэн ааһар хас биирдии киһи ытык иэспит буоларын умнуо суохтаахпыт. Этэргэ дылы хас биирдии киһи бу орто дойдуга оҕо төрөтөөрү, дьиэ — уот туттаары, таһаарыылаахтык үлэлээри, айаары — тутаары , кэрэ олоҕу олороору, сир үрдүгэр дьоһуннаах олоҕун, бар дьонугар үтүө холобурун кэннигэр хааллараары кэлэн бараахтыыр. Ол курдук, ахтыыбыт киэһэтигэр, бу үөһэ сурукпар ахтан ааспытым курдук, холобурга сылдьар, бары сыраларын ууран туран, үлэлээн — хамсаан ааспыт, биир дойдулаахтарбытын, төрөппүт оҕолоро, көмүс сиэннэрэ, чугас аймахтара Мария Иванова, Ольга Попова, Роман Попов, Анастасия Парникова, Мария Яковлева, Агафья Ноговицына, Елена Васильева, Николай Захаров, Агафья Дьяконова, Анна Сивцева киэн туттан туран кэрэ тылларынан кэпсээтилэр, амарахтык санаатылар, аҕыннылар. Кинилэр аргыый, ыксаабакка олорон, наҕыл — холку, дириҥ ис хоһоонноох ахтыылара, хас биирдии истээччи сүрэҕин кылын таарыйар, уһуну- киэҥи толкуйдатар, ырааҕы ыраҥалатар ылыннарыылаах ахтыыларын, кэлбит дьон ис сүрэхтэн сэҥээрдилэр, олус чуумпуран олорон иһиттилэр. Кэпсэтиигэ кыттыһан билэллэрин, истибиттэрин эбэн — сабан, ахтыыны толорон биэрдилэр. Ис сүрэхтэн кэпсэтиигэ, мааны ыалдьыт буолан ыҥырыллан кэлбит, саастаахтарбыт ахталларын иһиттэххэ, оччотооҕу дьон утуйбакка да, олорбокко да бирикээһи бэрт сорунуулаахтык, кичэллээхтик, тэтимнээхтик толороллорун истэн олорон, хас биирдии киһи ол ыарахан кэмнэри хайаан да хараҕар ойуулаан көрбүтэ буолуо дии саныыгын. Күүстээх, ыарахан үлэҕэ дьоммут барахсаттар эриллэн, ити тухары олоххо дьулуурдаахтарын, тулуурдаахтарын, ырыаҕа, хоһооҥҥо эрэ билиҥҥи кэмҥэ ахтыллан ааһаллара да үчүгэй курдук. Син биир хайдах да буолтун иһин, ол ааспыт сыллары сотон, умнан кэбиспэккин. Үтүө дьоммут олорон ааспыт ааттара, холобурдара үйэттэн — үйэҕэ өрүү биһиги сүрэхпитигэр сөҥө сылдьыа, үүнэр ыччаппыт көмүс буукубаннан ааттарын суруйан үйэтитиэхтэрэ диэн олус эрэнэбит, күүтэбит.
Марианна Сивцева