«Үчугэйиэн, түптэ сыттаах сайылыгым барахсан!»

Өссө 2016 сыллаахха нэһилиэк кэрэ далбардарыгар анаан, Н.Х. Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын оччолорго дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы, билигин оскуола дириэктэрэ, бэйэтэ да кэрэ сибэкки ааттаах Азалия Петровна Аргунова «Женщина, лето, цветы» диэн бырайыагы саҕалаабыта. Бу тэрээһиҥҥэ эдэркээн ийэлэртэн эмэн эбээлэргэ тиийэ бары симэнэн, бэлэмнэнэн кэлэн анал тиэмэлэри көмүскүүбүт. Онтон тэрээһиммит аата да этэринэн, көрүҥнэр барыта дьахтар аймахха аналлаах буолаллар. Сыл аайы тэрээһини кыайбыт тэрилтэ, эбэтэр түмсүү тиэмэтин уларыта сылдьан ыытар. Быйылгы тэрээһини саха омук биир олус улахан суолталаах өйдөбүлүгэр, сайын сайылыкка көһүү түгэнигэр анаан, «Кэнчээри» уһуйаан үлэһиттэрэ тэрийдилэр.

«Үчугэйиэн, түптэ сыттаах сайылыгым барахсан!» тэрээһиҥҥэ киирбит дьону уһуйаан үлэһиттэрэ салгын ыраастаан, айах тутан көрстүлэр, алгыс үҥкүүтүн анаатылар. Бу кэннэ аал уоту оттон, алгыһы нэһилиэкпит ытык олохтооҕо, туруу үлэһит, ылбаҕай ырыаһыт Дора Спиридоновна Ефимова оҥордо. Бастакы түһүмэххэ сайылыкка көһүү сиэрин-туомун оскуола үлэһиттэрэ айыылартан алгыс ыллыбыт, «Алаас» эбээ түмсүүтэ айах тутан, салама ыйаан, оһуохай үҥкүүлэттэ, «Холумтан» түмсүү туҥуй ынах төрөөтөҕүнэ, саҥа сылгыланнахха оҥоһуллар туому оҥордо, онтон «Иэйии» ийэ түмсүүтэ олохтоох ааптар, эдэр суруйааччылар түмсүүлэрин кыттыылааҕа С.В. Кондакова эбээлээх эһээтигэр анаабыт олус истиҥ хоһоонунан көстүүнү көрдөрдүбүт. Манна оскуолаттан Килижекова Матрена Павловна оҥорбут Айыыларга хайыһыы туома бастыҥ буолан, «Өбүгэ үгэһин үйэтитээччи»аатын сүктэ. «Баай мааны сандалым» ас күрэһигэр күннээҕи саха аһыгар эбии собо искэҕиттэн салат, уратытык буһарыллыбыт сордоҥ, собо тыла тэҥнээҕин булбата. Онон «Баай мааны сандалы» ааты «Алаас», Мария Михайловна Дьяконова салайар түмсүүтэ ылла.

Саха таҥаһа XVII үйэттэн саҕалаан билиҥҥи кэмҥэ диэри сайдан кэлиитин көрүү түһүмэҕи далбар хотуттар нарын матыыптарынан доҕуһуолланан көрдөрбүттэрэ хараҕы сымнатта, айар кыаҕы күүһүртэ. Манна «Иэйии» Вера Васильевна Фёдорова салайар түмсүүтүн эдэркээн ийэлэрэ көрөөччүлэр уонна судьуйалар санааларын табан «Саха маанылаах таҥаһа» ааты ылла. Сахалыы матыыптаах эҕэрдэҕэ оскуолаттан М.П. Килижекова хомус дьүрүскэнигэр куустаран ураты иэйиини куустарда, «Алаас» эбээ түмсүүтэ норуот ырыаларын бэлэхтээтэ, «Иэйиилэр» алгыс үҥкүүтүн бэлэх ууннулар, «Холумтан» түмсүү алгыс баһа сыалаан «Сахалыы уус-уран айымньы бастыҥнара» ааты ыллыбыт. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт түмсүүлэр уһуйааҥҥа кырачаан оҕолорбут үҥкүүгэ тутталларыгар аналлаах дьэрэкээн ыаҕайкалары оҥорон бэлэх ууннубут. Бу күн сэргэх тэрээһинтэн бары астына дуоһуйан араҕыстыбыт.

Екатерина Архипова.