Урбаанньыт Игнатьевтар

 

Хас биирдии нэһилиэккэ дьону аһынан-табаарынан хааччыйар маҕаһыыннар үлэлииллэр. Куокуй нэһи­лиэгэр сылдьан, “Күннэй” маҕаһыыны үлэлэтэр Игнатьевтар дьиэ кэргэннэрин кытта билистим. Үлэһит дьиэ кэргэн ийэтэ Анастасия Михайловна соторутааҕыта «Үлэ сыла» бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Кинилэр дьиэ кэргэн урбаан суолугар хайдах үктэммиттэрин маннык кэпсиир:

– 1996 с. кэргэмминээн Игнатьев Аркадий Семеновичтыын сопхуоска үлэлии сырыттахпытына, сопхуоспут эстэн оҕолоох-уруулаах дьон биирдэ үлэтэ суох хаалан хаалбыппыт ыарахан этэ. Ол иһин 1998 сылтан Аркадий Семенович маҕаһыын арыйан үлэлэтэргэ туруммута. 2002 сылтан маҕаһыыны илиибэр мин ылбытым уонна күн бүгүҥҥэ диэри үлэлэтэ сылдьабын.

– Биһиги курдук суола-ииһэ суох сиргэ табаары таһар сүрдээх уустук буолуохтаах.

– Уустук бөҕө буоллаҕа. 2003 сыл ыам ыйын 3 кү­нү­гэр Түгэнэ үрэҕэр суол алдьанан, табаар тиэммит 3 массыы­на сэттэ күнү быһа хаай­таран турбуппут. Ыам ыйын 9 күнүгэр бөртөлүөт кэлэн ылбыта. Массыынабыт таһаҕаһын тиэммитинэн туран хааллаҕа дии. Ол туран аны умайан хаалбыта.

2009 сыллаахха куорак­ка табаар ыла барбыппыт кэннэ олорор дьиэбит ума­йан хаал­быта. Ситинник улахан барыһа суох да буоллар үлэлиибит.

Тыа сиригэр урбаанынан дьарыктанар киһи тиэ­­хиньикэтэ куруук өрө­мүөн­нэммит, сүүрэр буо­луохтаах. Хата кэргэним Аркадий Се­­менович тиэхиньикэҕэ, ин­же­нерияҕа дэгиттэр сы­­һыан­­наах буолан ити өт­тү­гэр ула­хан кыһалҕаны көр­сү­бэп­пит. Ас, табаар таһарга дьыл кэмиттэн көрөн та­һа­ҕас таһар массыы­на, «Хайс», УАЗ, МТЗ, «Беларус», мотуордаах оҥочолор, олох туох да суол суоҕар «Бурааннар» сүүрэллэр.

   – Маҕаһыыҥҥытын көрдөххө, сибиэһэй фрук­та, оҕуруот аһа барыта баар эбит.

– Билигин нэһилиэккэ биир сүрүн маҕаһыын буол­лубут, инньэ гынан эппиэ­тинэспит улахан. Ордук суол сабыллар кэмигэр. Ол кэмҥэ бэйэбит туох кыахтаах­пы­ты­нан нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан, араас табаарынан хааччыйа сатыыбыт.  Куокуй, Кальвица оскуолаларыгар, уһуйааннарыгар сибиэһэй ас хайаан да баар буоларыгар кыһаллабыт. Маҕаһыыҥҥа икки атыыһыттаахпыт, биир үлэһиттээхпит.

– Анастасия Михайловна, дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэрэ түһүөҥ дуо?

– Бэйэбит түөрт оҕо­лоох­пут, 6 сиэннээхпит, Сангаарынан, Хаҥалаһынан, куоратынан олороллор.

Биһиги сааһырдыбыт, нэһилиэнньэ көрдөбүлэ да улаатан иһэр. Онон улахан уолбут Аркадий көмөтө би­һиэхэ улахан, кини аҕатын курдук тиэхиньикэҕэ сыс­таҕас, аһы-үөлү бары быраа­быланы тутуһан ту­ран аҕа­лар. Биһигини эрэ буол­бакка, Сангаар маҕа­һыыннарын эмиэ хааччыйар, суолу-ии­һи билэрин иһин киниэхэ эрэнэн, астарын-үөллэрин сакаастыыллар.

Аркадий Семенович саас аайы фрезанан нэһилиэнньэ хортуоскатын сирин тиэрэн, ыһарга хоруудалаан өҥө оҥорор, ону барытын бэйэтэ толкуйдаан сыбааркалаан айан таһаарар. Күһүн хара перегной буору, кумаҕы тиэйэн-таһан биэрэр. Ленточнай пилораманы үлэлэтэн, дьоҥҥо хаптаһыннарыны, лафеттарын бэлэмнээн биэрэр. Бэйэм «Луҥха долгуннара» үҥкүү түмсүүтүгэр баарбын, «Дууһабытынан эдэрбит» Бүтүн Арассыыйатааҕы  волонтерство түмсүүтүн чилиэнэбин, «Кустук» түөлбэ салайааччытын солбуйаач­чыта буолабын.Ити курдук кыахпыт баарынан  төрөөбүт бөһүөлэкпит олоҕун кытта тэҥҥэ барсан иһэбит.