Сахалыы сурук-бичик уонна төрөөбүт тыл күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, “Олоҥхо Эйгэтэ” диэн улуустааҕы семинар ыытылынна.
Тэрээһин — саха норуотун үтүө үгэстэрин, олоҥхо курдук, уустук айымньы араас хайысхатын үөрэтэр-чинчийэр, төрүт үгэспитин олоххо киэҥник киллэрэр, төрүт култуурабытын, тылбытын-өспүтүн байытар, эдэр ыччакка, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар сыаллаах-соруктаах ыытылынна.
Семинары иилээн-саҕалаан салайан ыыттылар — Таатта талыы-мааны сириттэн – “Олоҥхо суолунан айан” түмсүү салайааччыта Акулина Егасова, 2023 сыллаахха Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар ыытыллыбыт олоҥхо күрэҕин кыайыылааҕа Алексей Николаев. 3 күннээх семинар үлэтин чэрчитинэн, киһи хараҕын сылаанньытар, көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх норуот айымньытын талба талааннаахтарын оҥоһуктарын көрдөрөр, быыстапкаҕа — Кэбээйи, Чагда, Сайылык нэһилиэктэрэ кытыннылар. Ойуу-бичик түһэрэр, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэргэ анаан, СӨ норуотун маастара Елизавета Софронеева анал ааттаах туоһу суруктары туттартаата.
“Оһуор тойуга” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин кыттыылаахтара – сахалыы кэһиэччиктэри, өттүк симэхтэрин мустубут дьоҥҥо көрдөрөн, улахан сэҥээриини ыллылар. Түмүккэ, уопсай хаартыскаҕа түһэн, дуоһуйан — астынан тарҕастылар.
Кэбээйитээҕи “Сайдам” норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта Ефросинья Кириллина.
Хаартыскаҕа түһэрии – Марфа Кобякова.