Олунньу 28 күнүгэр Сиэгэн-Күөл кулуубугар, биһиги убаастыыр учууталбыт Марфа Михайловна Протодьяконова сырдык кэриэһигэр анаан “Удьуорун утумнаан” диэн кинигэ биһирэмэ буолан ааспыта. Ол иннинэ Марфа Михайловна туһунан ахтан-санаан ааһыахха.
Протодьяконова (Иванова) Марфа Михайловна, 1942 сыл от ыйын 11 күнүгэр Сиэгэн-Күөлгэ колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Төрөппүттэрэ үлэни өрө туппут, үтүө майгылаах дьон этилэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ да мэлдьи истиҥ-иһирэх сыһыаннаахтар эбит. Аҕата, Иванов Михаил Афанасьевич (1894-1965 сс.), Нам Арбыныттан төрүттээҕэ. Эдэригэр бэркэ кыанар, атаҕынан эмиэ сүүрүк-быһый курдук кэпсээччилэр. Сааһыран да баран бэрт тэтиэнэх, түргэн туттунуулаах, үрдүк көнө-уҥуохтаах киһи этэ. Ол иһин буолуо, кинини бары Оҕонньор Уол диэн ааттыыллара. Колхоз бары үлэтигэр, ханна ыыталларынан үтүө суобастаах үлэтинэн биллэрэ. Кыһын ындыы таһыытыгар, арыт түүлээхситинэн, учааскаҕа сылгы көрүүтүгэр, от-мас тиэйиитигэр, саас тутуу маһын бэлэмнээһиҥҥэ үлэлиирэ. Сайыны быһа ыраах сирдэринэн окко ыыталлар. Онон аҕата өрүү дьиэҕэ суох буолара. Ийэтэ Иванова (Колесова) Февронья Иосифовна, эмиэ Нам Көбөкөнүттэн төрүттээҕэ. Оҕо сааһа аатырбыт Тараҕана сайылыгар ааспыт. Кини эмиэ үрдүк хатыҥыр уҥуохтааҕа, кэлин кырдьан ньүксүйбүтэ. Кини сүрдээх холку, намыын майгылааҕа. Марфа Михайловна оҕо сааһа, оччотооҕу тыа оҕолорун үгэһинэн, айылҕа ортотугар үлэҕэ-хамнаска сыстыы бэрээдэгинэн ааспыта.
Бука, сэрии ыар сылларын содула буолуо, Марфа Михайловна олус ыарыһах, дьанымсах оҕо эбит. Бэйэтэ өйдүүрүнэн: “Үөрэниэм быдан иннинэ, орон-тэллэх киһитэ буолан сытарым. Ийэм киэһэ үлэтиттэн кэлэн, куобах суорҕаҥҥа суулаан, көтөҕөн олорон, көмүлүөк оһох иннигэр уокка сырайарын, илиибин-атахпын мускуйарын. Ийэм: “Биир да дьаҥы аһарбат, олус иринньэх буолан эрэйдиириҥ”, — диэн кэлин ахтара.” Үөрэниэҕиттэн арыый бороохтуйан барбыт. Биир дьиэҕэ мэлдьи үс-түөрт дьукаах буолан олорбуттар. Кыһыны быһа дьиэҕэ хаайтарбыт оҕолор, саас күн уһаан, таһырдьа сылыйбытын кэннэ, тиэргэҥҥэ быгыалыыллар эбит. Ынах төрөөн, арыый ас-үөл эбиллэр кэмэ буолуо. Сэрии бүтэн, дьон санаата көтөҕүллэн, олоххо тардыһыы да күүһүрэн испит. Оскуолаҕа 8 сааһыгар 1950 сыллаахха киирбит. 4-с кылааһы бүтэрэн баран салгыы Дьокуускайга №2 оскуолаҕа үөрэнэ барар. 10-с кылааһы бүтэрэн баран «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн девиһинэн 7 кыыс буолан Нам Аппаанытыгар «Карл Маркс» колхозка саҥа тэриллэр племенной фермаҕа үлэлээбиттэр. Сүрдээх үчүгэй, эйэҕэс коллективка үлэлии сылдьан, ийэтэ ыалдьан, салгыы дойдутугар кэлэн, эмиэ фермаҕа (саҥа тутуллан бүппүт хотоҥҥо) олохтоох ыччаттартан Готовцева Катялыын ыанньыксытынан, Константинова Мусялыын үүт тутааччынан үлэлээбиттэр. Ол кэмҥэ барыта илии үлэтэ эбит. Сайын үөрэххэ туттарсан баран, кыайан киирбэтэх. Онон эмиэ ферматыгар кэлэн үлэлии сырыттаҕына, Марфа Михайловнаны хонтуораҕа ыҥыраллар. Сэбиэт уонна оскуола директора Корякин Евгений Евгеньевич, кэлиэхтээх учуутал кэлбэтэҕин, онон оскуолаҕа учуутал наадатын, эн үлэлээн көр диэн соһуппут. “Толкуйдан” — диэн буолбут. Үгүс саарааһын кэннэ кэлиэхтээх учуутал кэлэр ини уонна учууталын этэрин толоро үөрэммит үгэһинэн сүрдээҕин толло-толло сөбүлэспит.
1968-1969 сс. үһүс курсу бүтэрэн баран кэтэхтэн үөрэнэр салааҕа көспүт. Аҕата өлөн, ийэтэ соҕотохсуйбут, балта да кыра буолан, көмө, өйөбүл наадата тирээбит. Сиэгэн-Күөлгэ алын кылаас учууталынан үлэҕэ ананар. Үөрэҕин 1971 сыллаахха бүтэрээтин кытта, завуһунан аныыллар. Оскуолаҕа алын кылаас уонна саха тылын уонна литературатын учууталынан 30-тан тахса сыл үлэлээбит, ол иһигэр 7 сыл завуһунан.
1982-1984 сс. нэһилиэк быыбарыгар Совет бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиир.
1987-1988 сс. «Хатыҥчаан» оҕо уһуйааныгар сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлиир, онтон 1 сыл үлэлээн баран төттөрү оскуолатыгар пенсияҕа тахсыар диэри үлэтин салгыыр.
Оскуолаҕа учууталлыаҕыттан общественнай үлэтэ саҕаланар: «Знание» общество чилиэнэ, нэһилиэк советын депутатынан хас да төгүл талыллыбыта, табаарыстыы суут чилиэнэ, партком, дьахтар сэбиэтин чилиэнэ. Төрөппүт лекторийын салайан ыытара, агитзонаҕа эппиэттээх учуутал, агитатор. 2008 сылтан 10 сыл «Туску» эбээлэр кулууптарын салайбыта.
Үлэлээбит кэмин устата элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан, араас анал бэлиэлэринэн бэлиэтээбиттэр.
Наҕараадалара:
1. Юбилейная медаль «За доблестный труд» (100-летие В.И. Ленина) 27.03.1970 г.
2. Медаль материнства IIстепени – 11.06.1987г.
3. «Отличник образования РС(Я)» — октябрь, 1999 г.
4. «Ветеран труда» удостоверение – апрель, 2000г.
5. Нагрудный знак «За вклад в социально-экономическое развитие Кобяйского улуса» — февраль, 2010г.
6. Нагрудный знак «За личный вклад в социально-экономическое развитие Кобяйского улуса» — февраль, 2012г
7. Нагрудный знак «Почетный старейшина РС(Я), За вклад в социально-экономическое развитие республики» («Ытык сүбэһит») – 09.08.2012 г.
8. «Почетный ветеран системы образования РС(Я)» — 2012 г.
9. Юбилейный знак «РС(Я) 380 лет с Россией» — 2012 г.
10. «Почетный гражданин Кобяйского улуса» — декабрь, 2013 г.
11. Памятная медаль «Дети войны» — 2015 г.
12. «За заслуги перед Кобяйским улусом» — 2017 г.
13. «Почетный ветеран РС(Я) за развитие ветеранского движения» — 2017 г.
14. Памятная медаль «100 лет Великой Октябрьской революции»
15. Юбилейная медаль «100 лет ВЛКСМ» — 26.10.2018г.
16. Юбилейная медаль «Кобяйскому улусу – 80 лет» — 2017 г.
17. Знак «За заслуги перед Кобяйским улусом» — 2020 г.
18. Медаль «Россия. Труд. Народовластие. (1928-45 гг.) «Дети войны» — 2020 г.
19. Памятная медаль «150-летие В.И. Ленина» — 09.05.2020 г.
20. «Юбилейная медаль в связи с 75-летием Победы в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» – 2020 г.
7 кылаастаах оскуола 1957-58 үөрэх дьылын выпускниктара «За отличие в учебе выпускнику начальной школы» диэн гранты 2007 сыллаахтан ылата биэрэллэр.
Марфа Михайловна Протодьяконова 11.09.2020 с. ыарахан ыарыыттан 78 сааһыгар олохтон туораабыта.
Бу дьоро киэһэҕэ Марфа Михайловна Протодьяконова оҕолоро, сиэннэрэ, аймах-билэ дьоно мустан күндү, таптыыр, убаастыыр киһибитин ахтан-санаан аастыбыт. Биэчэри Сиэгэн-Күөл орто оскуолатын нуучча тылын учуутала Прасковья Прокопьевна Макарова иилээн-саҕалаан ыытта.
Бу Марфа Михайловна сырдык кэриэһигэр анаммыт “Удьуорун утумнаан” кинигэни балтыта Мария Егоровна Сюльская уонна чугас дьүөгэтэ Галина Николаевна Дьяконова хомуйан оҥорбуттар, таһаартарбыттар. Ахтыылары хомуйарга улахан кыыһа Ирина Евгеньевна Ядрихинская уонна Татьяна Захаровна Кривошапкина төһүү күүс буоллулар. Кинигэҕэ Марфа Михайловна Протодьяконова үөлээннээхтэрин, бииргэ үлэлээбит дьонун, үөрэппит оҕолорун, эн-мин дэһиспит дьүөгэлэрин, аймах-билэ дьонун, оҕолорун уонна сиэннэрин ахтыылара хомуллан киирдилэр.
Кинигэ биһирэмигэр дьон тыл этиилэрин быыһыгар оскуолабыт үөрэнээччилэрэ ыллаан, хоһоон ааҕан ахтыы киэһэтин өссө киэргэтэн, тупсаран биэрдилэр.
Биэчэргэ Марфа Михайловна оҕолоро, сиэннэрэ остуол тардыбыттара, көрүдүөргэ ийэлэрин, эбээлэрин тутта сылдьыбыт малларын аҕалан көрдөрүүгэ уурбуттара.
Дьоро киэһэ бүтүүтэ оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара махтал тылларын эттилэр, “Удьуорун утумнаан” кинигэни бэлэх ууннулар.
Суруйда саха тылын учуутала Александра Слепцова.