Муус устар 13 күнүгэр Арыктаах нэһилиэгэр кырыа кыһыммытын атаардыбыт, сандал саас кэлбитин бэлиэтээтибит. Дьоро бырааһынньыкка эҕэрдэлээтилэр: Наталья Ноговицына, Сарыал Унаров, Владислав Егоров уонна Петр Ноговицын.
Ону тэҥэ түөлбэлэринэн быыстапка буолла. “Саһарҕа”, “Алаас” түөлбэлэр частушка ыллаатылар. Ас-үөл дьаарбаҥката ыытылынна. “Саһарҕа”, “Алаас” уонна “Быйаҥ» түөлбэлэр холбоһоннор хамаанда туруоран курэхтэстилэр. Алта түһүмэхтээх спортивнай эстафетаҕа “Алаас” түөлбэ бастаата, иккис миэстэни “Саһарҕа” түөлбэ ылла. Остуолбаҕа ыттааһыҥҥа Иванов Айаал нэһилиэкпит эдэр ыччата кыайда, бирииһинэн наҕараадаланна, бу бирииһи “Иирэлээх” хаһаайыстыба салайааччыта Ноговицына Дария Николаевна туруорда. Түөлбэлэр бу күрэхтэһиилэргэ уонна кыһыны атаарыы бырааһынньыгар көхтөөхтүк кытыннылар, түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
Бу курдук көхтөөхтүк кыттаннар олус үчүгэй интэриэһинэй күрэхтэһии буолан ааста. Салгыы аны сайын Үрүҥ тунах ыһыахха түөлбэлэр күрэстэһиэхтэрэ.
Петр Ноговицын, Арыктаах нэһилиэгэ.