Тыайаҕа «Мин Кэбээйи оҕотобун» диэн сэргэх кэнсиэр буолан ааста

Өрөспүүбүлүкэ күнүн Тыайаҕа «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын быйыл оскуолаҕа киирэр инники кэскиллэрэ сэргэх кэнсиэринэн эҕэрдэлээтилэр.

Уһуйаан үөрэхтээһин систиэмэтигэр патриотическай иитии күүскэ киирэн, 2023 сылтан «Мин Кэбээйи оҕотобун» диэн хайысхалаах бырайыагынан үлэлиир. Бу чэрчитинэн, иитээччилэр бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун кытары «Мин Кэбээйи оҕотобун» диэн кэнсиэр туруордулар. Кэнсиэри Ийэ дойдуга таптал туһунан монтаһынан уонна Леон Килижеков аҕата Василий Владимирочтыын улууспут гимнын ыллаан саҕалаатылар. Оҕолорго музыкальнай салаа салайааччыта Раиса Спиридоновна Лопатина үгүс ырыаны ыллатан, үҥкүүнү туруоран, төрөппүттэрдиин таҥас айан-тигэн, уратытык көрдөрүүнү үөрэтэн, араас таһымнаах күрэстэргэ үгүстүк кыттан ситиһиилэнэллэрин өрүү истэбит уонна хайгыыбыт.

 

Онон, кэнсиэр бэрт сэргэхтик ааспытын көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһынан бэлиэтээтибит.

Маны сэргэ, эдэр ыччаттарбыт Давид Соколов, Надежда Дьяконова, Айна Килижекова, кулууппут ырыаһыттара Ийэ дойдуга аналлаах ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.

Кэнсиэри оһуохайынан түмүктээтибит.

Екатерина Архипова