Тыайа үөрэнээччилэрэ аҕам саастаахтарга көмөлөһөллөр

Н.Х. Дьяконов аатынан Тыайа орто оскуолатын технология учуутала Василий Килижеков уонна физкультура учуутала Александр Аммосов ыччаты үтүө өҥөнү оҥорор үлэлэрэ уостубакка барар.

Ол курдук, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ Еремей Ноговицын, Айаан Корякин, Денис Дьяконов өрөбүллэрин Ольга Петровна Яковлева дьиэтин сылытар аналлаах үлэни оҥордулар. Ылбыт муустарыттан Ольга Петровнаҕа тиэрдэн соһуччу үөртүлэр. Ийэ, эбээ бу курдук махтанар:»Дорооболорун, бугун соһуччу «Волонтерское братство» уолаттара муус таһааран биэрдилэр. Онон махтал тылбын тиэрдэбин, барыларыгар доруобуйаны, үөрэхтэригэр, үлэлэригэр ситиһиини, дьиэ кэргэттэригэр дьолу баҕарабын».

Дьэ, бу курдук, үлэ сатабылын ыла, амарах санааны өрө тута, көмө оҥоруу үлэтэ өрүү ситимнэнэн бара турара хайҕаллаах.

Екатерина Архипова

Василий Килижеков хаартыскалара.