Тыайа олохтоохторо буойуттарга күүс-көмө буолаллар

Ааспыт сылтан инники олохпут кэскилин туһугар олохторун толук ууран охсуһа сылдьар хорсун-хоодуот дьоммутугар анаан күүс-көмө буолар үлэни төрөөбүт Тыайам нэһилиэгэр саҥа тэриммит «Холумтан» түмсүүбэр этии киллэрэн саҕалаабытым.

Манна амарах дууһалаах, аһы­ныгас санаалаах Тыайам дьоно бары тиһигин быспакка кыттыһан барбыттара. «Сылаас угут» диэн бастакы акциябар 60 наскы, бытархай мал, бэрэстээҥкилэр угуллубуттара. Мантан салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Симэх» галерея көҕүлээһининэн Алексей Николаевич Терехов Ук­раинаҕа үлэлии барарыгар сиэлинэн, сукунанан 90 ымыыны оҥорон ыып­пыппыт. Буойуттар санааларын кө­төҕөр суруктары, улууспут «Дабаан» хаһыатын буойуннарга, кинилэр төрөппүттэригэр, Герой ийэлэргэ суруйтарыыны көҕүлээбитим. Түмсүүм кыттааччыта Анна Павловна Тарасова санаатынан илиигэ кэ­тиллэр бэлиэлэри тигиини кытта сахалыы ыраастана сырыттыннар диэн сиэли, боҕуруоскай оту, этиҥ түспүт мастарын хааларга уган, биир дойдулаах уолаттарбыт ба­ралларыгар таҥаһы-сабы кытта биэрэн ыыппыппыт. Түмсүүбүттэн Мария Яковлевна Гаврильева этии киллэрэн көмүскүүр сиэккэни оҥорорго санаммыппыт. Егор Гаврильевич Старостин муҥха диэ­лин биэрэн, 20 миэтэрэ уһуннаах, 4 миэтэрэ кэтиттээх көмүскүүр сиэккэ икки көрүҥүн баайыыны Матрена Павловна Килижекова этиитинэн ыам ыйын 9 күнүгэр нэһилиэнньэни түмэр акциянан саҕалаабыппыт.

Маны тэҥэ, эмп ылан ыытарга анаан нэһилиэкпит дьоно кыттыһан, 45000 харчы хомуйан Айыл Дьулурҕаҕа туттарбытым. Нэһилиэгим тэрил­тэлэриттэн – Мария Алексеевна Захарова салайар «Кэнчээри» уһуйаан – 6000 солк., Полятинскай Максим Владимирович салайар ОДьКХ – 6000 солк., Попов Айсен Николаевич Петр Афанасьевич Полятинскайдыын «Cахатранснефтегаз» – 4000 солк., Ники­фор Иннокентьевич Ефимов элек­троыстаансыйаттан – 7000 солк., Азалия Петровна Аргунова дириэктэрдээх Н.Х. Дьяконов ааты­нан орто оскуола – 6300 солк., нэһи­лиэк салалтата – 4800 солк., манна эбии баһылыкпыт солбуйааччыта Марина Афанасьевна Полятинская туспа – 7000 солк., түмсүүбүттэн Анна Павловна Тарасова, Мария Яковлевна Гаврильева, Зинаида Павловна Шамсутдинова бэйэбин кытта – 2000 солк., «Алаас» эбээлэр түмсүүлэрэ 1800 солк. харчы ыытаннар, 16 көмүскүүр сиэккэни атыылаһан илдьэн биэрбиппит. Маны таһынан, биирдиилээн оҕоҕо харчынан, малынан көмөлөһүүнү тэрийбитим, Айыл Дьулурҕаҕа туспа 5000 солк. ыытан, эмп ыларыгар көмөлөспүтүм. Уоппускаҕа кэлэн барар буойуннарбытыгар кылынан өрөн тымырдай, ымыылар, ардахха кэтиллэр хахха таҥас тигэн биэр­тэлиир үгэстэнним.

Акциялары тэрийэр кэммэр таарыччы дьоҥҥо тус сатабылы иҥэринэллэригэр анаан, наскы баайыытыгар, кылынан, сиэлинэн оҥоһуктарга маастар-кылаастары ыыталаабытым.

Дьэ бу курдук, эйэлээх, нус-хас олохпутун туруулаһа сылдьар оҕолорбут этэҥҥэ сылдьалларын туһугар мал хомуйуута, харчынан көмөлөһүү тиһигин быспакка ыытылла турар.

Екатерина Архипова

Читайте дальше