Билигин бэйэ-бэйэҕэ өйөбүл, бииргэ буолуу хаһааҥҥытааҕар да суолталаах. Биир дойдулаахтарбыт түмсүүлээхтэрин көрдөрөллөр. Ол курдук, Тыайа олохтоохторо аҕам саастаахтарыгар ураты болҕомто уураллар.
«Тыайа эдэр ыччата Василий Романович Софронеевка икки массыына кузова мас тиэйэн аҕалан саһааннаан биэрдилэр. Уолаттар бу сылдьалларыгар тутталлара-хапталлара бэрт сэргэх, үөрэ-көтө үлэлиллэр. Өрөбүл күннэригэр аны бу мастарын хайытан биэрэр былааннаахтар», — диэн Екатерина Архипова кэпсээтэ.
«Түмсүүлээх буолуу — үтүө түмүктэрдээх, сомоҕолоһуулаах буолуу — сайдыы суолугар тахсарга аартыгы арыйар» диэн өйдөбүл эдэр ыччаттар хамсааһыннарын көрдөрөр, инникигэ эрэли үөскэтэр.
Видео: Иван Гуляев, хаартыска: Василий Килижеков