Субу курдук ааттаах дьоро киэһэ Мукучуга буолан ааста. Улууспут ырыаһыт дьиэ кэргэнэ Антонина Гаврильевна, Борис Борисович Каримовтар улахан кыыстара Каролина Борисовна Кудрина, Мукучу “Дайан” сынньалаҥ киинин директора номнуо төгүрүк үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиир айар киэһэтэ олус истиҥник ыытылынна.
Аныгы үйэ сиэринэн тэрээһин видео – эҕэрдэттэн саҕаланна. СӨ норуодунай артыыһа – Анатолий Павлович Николаев, биллиилээх режиссер – Никита Иннокентьевич Аржаков итии – истиҥ эҕэрдэлэрин ыыттылар. 2015 сылтан саҕалаан Каролина Борисовна Никита Аржаков устар киинэлэригэр режиссер –көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбит буолан бу эйгэҕэ кини эмиэ биллэр. Чуолаан “Сүтэрсибит сүрэхтэр”, “Тыгын Дархан” (толору да буолбатар) киинэлэргэ уоппускатын кэмигэр үлэлээбитэ.
Уонна суол – иис суоҕунан студент оҕолоро – Арылхан, Рената, бииргэ төрөөбүт быраата Борис, балта Камилла дьиэ кэргэннэрин кытта олус сэргэх устуулаах эҕэрдэни ыыппыттарын дьон –сэргэ кэрэхсии көрдө. Бу видеолары барытын балтын Клементина уола Гаввар Каримов устубут. Эмиэ бу эйгэҕэ ураты көрүүлээҕин, дьоҕурдааҕын туоһулуур.
Айар киэһэни Каролина Борисовна кыра уола Дамир Кудрин (11 кылааска үөрэнэр) уонна культура үлэһитэ Вера Прокопьева иилээн-саҕалаан ыыттылар.
“Дэриэбинэчээн” норуот театрын (режиссер С.Е. Иванова) көрдөөх сценкалара, бииргэ үөрэммит кыргыттара: Л. Егорова, М. Саввинова, Т. Абрамова, К. Каримова, А. Гуляева сэргэх үҥкүүнэн, сахалыы музыкальнай инструменнарга доҕуһуоллаан норуот ырыатынан эҕэрдэ нүөмэрдэри толордулар.
Т. Абрамова, К. Каримова дуэтынан “Дойдубун ахтыбыт санаабар”(А. Гуринов – Арчылан тылл., А.Калининскай мел.), балта Клементина солотынан концерды олус диэн киэргэттилэр.
Ырыаһыт дьиэ кэргэн ийэлэрэ, сыана ветерана Антонина Каримова бэйэтин чаҕылхай икки солотын таһынан,кыргыттарын кытта нууччалыы ырыалары поппури толорсон “былааһы барытын ылла”, олох тэҥнээхтэрин курдук көһүннэ. Талааннаах киһи, төһө да саас баран истэр ураты эдэр айылгылааҕын дьиҥ – чахчы итэҕэттэ.
“Айыллаана” вокальнай ансамбль (сал. А.Г. Макарова) бу киэһэ икки саҥа ырыаны үөрэтэн кытынна, маныаха кыргыттар, Каролина, Камилла сүрүн ырыаһыттар.
Бастакы ырыа Григорий Кобяков тылларыгар, Роман Степанов мелодиятыгар “Ньургуһун” диэн ырыа. Бу күн талааннаах поэппыт Григорий Кобяков төрөөбүт күнүгэр ылламмыта эмиэ дьикти сөп түбэһии буолар. Иккис ырыа “Ыллаа, ыллаа” – диэн Ангелина Файрушина аныгы эстраднай ырыата.
Дьиэ кэргэн аҕалара Борис Борисович Каримов эмиэ үчүгэйдик ыллыыр, сценкаҕа оонньуур, уруһуйдуур дэгиттэр дьоҕурдаах киһи этэ. Булчут, балыксыт бэрдэ, күөс аһынан дьонун тутахсыппатаҕа. Онон икки сомоҕо талааннаах дьон холбоһон ыччаттара бары ырыаһыттарын, сыанаҕа эрэ анаммыт кэрэ көстүүлээхтэрин, барытыгар дэгиттэр талааннаахтарын бу да киэһэ астына көрдүбүт.
Каролина Борисовнаҕа үбүлүөйдээх сааһынан истиҥ эҕэрдэлэри олохтоох дьаһалта, орто оскуола, үлэлиир тэрилтэтэ, “Дэриэбинэчээн” норуот театра, “Айыллаана” ырыа ансаамбыла, аймахтара, доҕотторо тиэртилэр. Ырыа куттаах ыал бастакы күүтүүлээх оҕото, Күн күнүгэр төрөөбүт күн күбэй ийэ, салайааччы, куруутун субу курдук сырдыгынан сыдьаайа, күлүмнүү сырыт! Оҕолоруҥ, чугас дьонуҥ этэҥҥэ буоллуннар!
Ксения Новикова, Мукучу.
Сүрүн хаартыскаҕа: К.Б. Кудрина “Айыллаана” ансаамбылы кытта