Соһуччу көрсүһүү

Сирбит эмиэ да киэҥ-куоҥ курдук ол эрэн олус кыра диэххэ. 1976-1977 сс., балаҕан ыйа. Дьааҥы хайаларын дьапталҕаннара. Оччолорго биһиги ыстаадабыт нагульнай диэн аатырара. Ол аата госзабойга өлөр табалары бэйэтинэн уотан өлөрүллэр ыстаада. Аҕам миигин уолаттары туттартаан нөҥүө үрэххэ табалары үүрдэрдэ. Кини бирикээһэ миэхэ — Сталин тэҥэ. Боруок, бөппүрүөк суох. Дьэ ити курдук табаларбын үүрбүтүнэн Дьааҥы очуостарын быыһынан табалары үүрэн үрэҕи таҥнары истибит. Үөйбэтэх өттүттэн утары икки киһини көрүстүбүт. Геологтар. Дьукаахтыы үрэх уҥуор-маҥаар олорор дьон биэрдилэр. Онуоха киэһээ кэлэн илии тутустубут. Кинилэр табалары, биһиги кинилэри диэн темаҕа. Уонна үргүлдьү начальник эргиэмсиктэспитинэн барда. «Давай тушенку, свинину на мясо свежее бартером поменяемся», — диир. Онуоха мин да сүүттэрбэт курдук сэттэ струналаах гитара, оһохтоох 4 миэстэлээх балаакка эбии үрдүгэр диэтим. Бараргытыгар хааллараҕыт диэн буолла. Дьэ бэт. Атастаһыы буолла. Биһиэхэ кэнсиэрбэ сонун ас буоллаҕа. Онуоха оччотооҥҥу бааҥкалар бары таһа оҥунуох бөҕө. Хаачыстыба!

Дьэ уонна эттэ. Манна нөҥүө үрэххэ мин партиям сүрүнэ баар онно бара сылдьыбаппыт дуо, сэрэтэ, билсэ таарыйа уонна эт бэрсиэ этибит. Онно үксүлэрэ практиканнар бааллар диэтэ. Тутатына:

— Толя, а там у тебя блондинок нету?

— Есть. А что?

Мин үөнүм-курдьаҕам дьэ хамнаата. «Слушай, Толя. Ты только там как то посерьезней будь. А я твоих маленько подшучу», — диэтим.

Сарсыҥҥы күн эппитин табаҕа ыырдан икки табалаах бардыбыт. Сатыы хаама үөрүйэх уол начаас сиэлэр, мин кэнниттэн табабын мииммитинэн иһэбин. Сиһи уҥуордаан үрэхпитин таҥнаран иһэбит. Кэпсээммит элбэх. Арай сотору дьон саҥата, ырыа тойук иһилиннэ. Ырааһыйа хонууга уот кутаа көһүннэ. Тиийдибит. Повар эр киһи эбит. Начальник кэлбитин хайыай. Начаас ас үөл тэлгэттэ. Чэйдээн баран киһим дьонун барыларын отуу таһыгар ыҥырда. Уолаттар, кыргыттар бөҕө, чаҥкынаһыы. ‘Так, друзья товарищи. Все знаем, что где находимся? Рядом с оленеводами. Поэтому с этого дня оленей только смотрим и не трогаем. В противном случае вы нарушите мировое согласие…’, -диэтэ. «А теперь Света, ты иди-ка сюда», — диир. Арай көрбүтүм барби кукла барбитынан бу кэллэ. Куп кугас баттахтаах кырысаабысса. Света.  Мы у них незванные гости, поэтому по желанию хозяина я тебя ради всех нас продал за два оленя. Так что, давай все первое необходимое собери и поедешь с ним», — диэтин кытта «Ой, Анаиолий Абрамович ведь сейчас cоветская власть, а не прошлое. Как же так!» Ытаан маралыччы барда. «А ты, Света, не плачь, если ты не понравишься, он тебя отпустит домой», — диэтэ. Мин төрүт үөммэр кырдьык курдук тутта-хаама сылдьабын. Оҕолор сорохторо ханнык харахпар хатамматах киһи диэннэр саһа сатыыллар. Һуу-һаа буолла. Кыыс ытыыра сүрдэннэ, тулуйбатым. Кыыһы да аһынным.

«Ладно, ладно, Светочка. Поверила что ли сказку? Ведь я пошутил», — диэбиппэр кыыс мооньубар ыйааста түстэ. Ытыырын икки ардыгар үөрбүт хараҕа уутугар килэйэн өссө кырыһыабай буолла. Киинэ курдук олох…

Ити кэннэ сыллар, дьыллар ааһаллар. Табаарыһым өлбүт сураҕа иһиллибитэ. 30-ча сыл кэннэ арай биир үтүө киэһэ дьиэм таһыгар массыына бөҕө кэлэн тохтоотулар. Буолааччы. Муна сылдьар дьон ыйытаары эҥин киирээччилэр. Арай аан тоҥсуйдулар. «Да, да открыто», — диэппин кытта сэттэ эр бэртэрэ батыаккалаһан бу лүһүгүрүһэн киирдилэр.

«Бурцев здесь живет?» , -диэтэ арай биир бааһынайдаҥы  чуут чуут тартаран саҥарар киһи. «Да. Он самый. Чем могу полезен уважаемые», диэтим. «Ну, вот. Здравствуй, Иннокентий. Я, Костя. Друг твjего покойного Анатолия. Он мне еще тогда, когда вместе работали говорил. Вдруг может когда окажемся в тех краях найди моего друга. Он всегда руку протягивает, если надо сказал, вот и нашел вас. Мы едем в Чочумбал на разведку, что да как там», — диир. «Ээ, слушай, дорогой. Во-первых, дороги там нет. А потом туда можно только на буранах», — диэтим. Ити Якутзолотолар эбиттэр. «Ну, ладно тогда придется возвращаться, — диэн баран, — ну, в город приедешь, заходи. Буду рад», — диэн баран визиткатын биэрдэ.

Эһиилигэр куоракка баар буола түстүм. Оччолорго боростуой төлөпүөн. Ханна да барар-кэлэр сирим суох.  Эмискэччи Костябын санаан кэллим. Визиткабын буллум да эрийэн хачыгыраттым. О! Костя, это я, Иннокентий, вот прилетел, а поговорить не с кем. Ты где?», -диибин. «Ах, молодца. Давай лови такси и по адресу приезжай. Я жду, давай, давай», — диэн трубкаҕа тартара, тартара үөрбүттү саҥарда. Уулуссаҕа таҕыстым да бастакы массыынаны тохтоттум. «Здарова, земляк. Будь добр, подвези-ка меня по адресу, не обижу», — диэппин кытта хата киһим «садись, поехали» диэтэ. Начаас элээрдэн тиийдим. Ааҥҥа тиийэн собунуоктааппын кытта киһим арыйа биэрдэ. Дорооболостубут, куустустубут. «Давай проходи в зал, побазарим».

Өр өтөр буолбата, «Давай, мужики за стол!», — диэн чүөчэ саҥата иһилиннэ. Кухняҕа киирдибит ас, үөл, салаат, курустаал үрүүҥкэлэр килигириһэн тураллар. «Вот, Иннокентий, моя жена Светлана. Тоже как и все мы — геолог», — диэтэ. «Во как! А вы в каких краях работали?»,- диэн ыйыттым.

— А тоже у вас там, в Верхоянских хребтах.

— Ммм, да, а понятие Верхоянские горы понятно. Hу, к примеру, речки, реки или базы?

— А там у вас есть такая чудесная река Дянышка.

— О, во как? Слушай, случаем там у вас позывной не «Орел»?

— Правильно, такой был у нас позывной на базе. А вы там тоже работали?

— Да нет, просто случай вспомнил один интересный.

— Ну-ка,ну-ка, — дии-дии мичээрдээтэ.

— Слушай, Светлана, а там может помните начальника партии Анатолия Абрамовича? Мой друг.

— А это же мой начальник был.

Дьэ бабах диэтим! Били барбибын өйдүү түһээт.
— Тогда вот что скажи мне, дорогая. Может случай такой помнишь, где начальник девушку блондинку за два оленя хотел продать, — диэппин кытта.

— Ой, ай! Так ведь это я была та блондинка!

Уһун түүнү быһа доҕорбунаан уонна Светабынаан ол түгэни санаатахпыт. Дьэ, онон сирбит барахсан төгүрүк буолар дииллэрэ кырдьык эбит!

Мииччэ уола Нэгиэ, Cэбээн Күөл.

Фото: из интернета.