Ситтэ оскуолатыгар «Бастыҥнар хамсааһыннарын» салаата аһылынна

«Бастыҥнар хамсааһыннара» Бүтүн Россиятааҕы оҕолор уонна ыччаттар уопсастыбаннайсудаарыстыбаннай хамсааһыннара дойдубут президенэ Владимир Владимирович Путин дьаһалынан дойду устуоруйатын, норуот култууратын барҕа баайын харыстыыр, дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутар сыалтан 2022 сыллаахха тэриллибитэ. Бу хамсааһын 12 сүрүн хайысханан үлэлиир уонна 18 сааһыгар диэри ыччат киирэн, талбыт хайысхатынан талан дьарыктанар  кыахтаах.

Биһиги оскуолабыт устуоруйатыгар киирэр  суолталаах Бүтүн Россиятааҕы оҕо хамсааһынын маҥнайгы салаата үөрүүлээхтик аһылынна. Ол курдук, 5-11 кылаас оҕолоро бары «Бастыҥнар хамсааһыннарыгар» регистрацияны  аастылар. 6-7 кылаас оҕолоругар волонтерскай  этэрээт тэриллэн  кураторынан «Арбилай» оҕо тэрилтэтин  салайааччыта Мария Ивановна Расулова буолла. Маны тэҥэ «Кэнчээри» драматическай театра, «Окно в мир» кино клуб тэриллэн регистрацияларын аастылар. Оскуолабыт музейын докумуоннарыгар үлэ бара турар. 8 кылаастарга Юнармия этэрээтэ тэрилиннэ  (кылаас сал. Винокурова Римма Анатольевна). Бу үлэлэр туһунан директор советнига Сардана Васильевна Обутова иһитиннэрбитин  үөрүүлээхтик ылынныбыт. Оскуолабыт директора Андрей Викторович Новгородов «Бастыҥнар хамсааһыннара» биһиги оскуолабытыгар маҥнайгы салаата аһыллыбытын туоһулуур докумуоҥҥа илии баттаата. Бу салаа председателинэн психолог Максимова Татьяна Борисовна, «Бастыҥнар  сүбэлэрин» председателинэн 10-с кылаас үөрэнээччитэ Айыына Попова талылыннылар.

Дьэ, ити  курдук оҕо хамсааһына  сайдан  биһиги ситиһиилээхтик  үлэлиэхпит, үүнүөхпүт, сайдыахпыт.

Дайаана Николаева – В.Е.Колмогоров  аатынан  Сииттэ оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.