Сииттэҕэ кыһыҥҥы суол сабыллыан иннинэ бэлэмнэнии үлэлэрэ бэрт дьаныардаахтык ааһан эрэрэ киһини үөрдэр. Ол курдук, олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев,бастакы улахан болҕомтотун тыа хаһаайыстыбатыгар уурда. Үгэс курдук, саас буолан маассабай ынах төрөөһүнэ саҕаланан, нэһилиэкпит олохтоохторо үрүҥ аһынан дэлэйдик хааччыллалларын туһугар, сүөһү — ас эбии аһылыгын уотурбаны аҕалтарыы, биир бастыҥ сүрүн боппуруоһунан буолла. Нэһилиэкпит бааһынай хаһаайыстыбалара сүүстүү
куул уотурбаны сакаастаан ыллылар. Нэһилиэкпит хаһаайыстыбалара эмиэ сөп буолар уотурбаларын, эбиэстэрин, бурдуктарын толору аҕалтардылар. Онон олохтоохтор баһылыкпытыгар Семен Тимофеевка уонна тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһигэр Дмитрий Колмогоровка махталлара улахан.
Манан эрэ бүппэт тыа олоҕун түбүктээх күннэрэ — дьыллара. Ол курдук, нэһилиэкпитигэр өтөрүнэн кэлбэтэх, элбэх горючай кэлэн сүөкэннэ. Бөһүөлэк бензининэн, сэлээркэннэн толору хааччылынна. Маны сэргэ инники сонуннарга суруйан турабыт, Сииттэбитигэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар инниттэн, ынахтары буоһатыыга Дьокуускай куораттан, анал тэрилтэни кытта күүстээхтик кэпсэтэн, ылсан, Семен Тимофеевич көрдөһүүтүн туора гыммакка, барытын кэлэн көрдөрөн, үөрэтэн, сүбэлээн договордаһан бардылар. Бу анал программа чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр анал үөрэхтээх осеменатор үлэһиттэнэн, сайдыы биир хардыыта диэн үөрэбит. Анал тэрилин олохтоох дьаһалта барытын тиэйэн аҕалан, олохтоох ветеринарга Мичил Винокуровка туттарда. Онон сииттэлэр сүөһүбүт уруурҕаспыт хаана уларыйан, этэҥҥэ буоллаҕына эт, үүт — ас дэлэйиэ диэн санаабыт көөнньүрэ сылдьар. Аны бу ый саҕаланыытыгар куурусса, индюк сакааһыгар улахан үлэлэр ыытылла тураллар. Бу күннэргэ харчыта хомуллан, эмиэ барыта босхо тиэллэн кэлэрин күүтэбит. Бу улахан үлэлэр, хамсааһыннар барыта нэһилиэкпит дьоно — сэргэтэ, оҕолорбут барахсаттар, сибиэһэй куурусса сымыытынан, индюк битэмииннээх этинэн аһыылларын туһугар олохтоох дьаһалта ыытар үлэлэригэр махтаныах эрэ тустаахпыт.
Марианна Сивцева.