Сииттэлэр СВО-ҕа көмөнү тохтоппоттор

Сииттэбит нэһилиэгэр СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан улахан көмөлөрү оҥорорбутун өссө күүһүртүбүт.

Ол курдук, нэһилиэкпититтэн сэттэ эдэркээн ыччаттарбыт, ыал аҕалара, дойдуларын чиэһин үтүө суобастаахтык көмүскүү сылдьалларын элбэхтик ахтан ааһабыт. Олохтоох култуура үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн оҕолорбутугар анаан, именной баһыылкалары хомуйа охсоммут, Дьокуускай куоракка анал пууҥҥа илдьэн туттарбыппыт.

Амарах санаалаах Далбар Хотуттарбыт ыйы быһа илиилэрин сылааһын иҥэрбит, биэс устуука маскировочнай сеткалары бэлэмнээбиттэрин эмиэ тутатына анал пууҥҥа тиэрдибиппит. Анал эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр кыахпытынан көрөн нэһилиэк өттүттэн улахан болҕомто уурулларын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу күннэргэ Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев СВО-ҕа сылдьар уолаттарбыт күндү ийэлэрин, чугас аймахтарын бырааьынньыктааҕы фуршет остуолун тэрийэн, атах тэпсэн олорон санааларын иһиттэ, күннээҕи кыһалҕаларын билистэ — көрүстэ. «Көмүлүөк» маҕаһыын сиэдэрэй иһитин сэмэй бэлэх оҥорон, бары кэрэни, үтүөнү баҕаран туран туттартаата.

Билигин хас биирдии киһи баҕа санаата биллэр, анал байыаннай эпэрээссийэ түргэнник бүтэ охсон, уолаттарбыт дойдуларыгар төннө охсоллоругар алгыс маанытын күн аайы тиэрдэбит, сүгүрүйэбит.

Марианна Сивцева