Сииттэлэр СВО-ҕа көмөлөрүн тохтоппоттор

Сииттэбит нэһилиэгэ бу күннэргэ СВО-ҕа сылдьар байыастарбытыгар көмөнү тохтоппокко эрэ, салгыы былааннаахтык ыытылла туралларын туһунан билиһиннэрэбин. Инники суруйбутум курдук, «Барыта кыайыы туһугар!» диэн Култуура дьиэтин үлэһиттэрин көҕүлээһининэн тэриллибит түмсүү, былааннаах үлэлэри тэрийэн ый аайы ыыта олоробут.

Кэбээйи бөһүөлэгэр олорор биир дойдулааҕым, СВО-ҕа сылдьар байыастарга оҥоһуллар көмөлөрү өйөөччү, тэрийсээччи, олохтоох корреспондент Татьяна Лазарева үтүө сүбэтинэн, илиитэ, атаҕа суох байыастарга, протез кэтэллэригэр анаан, сымнаҕас сабынан чехоллары баайыы үлэтэ күүстээхтик бара турар. Биллэрин курдук нэһилиэкпит кэрэ аҥардара, ханнык да көмөттөн туора турбаккалар, номнуо 20 устуука чехоллары баайан аҕалан, анал сиргэ туттардылар. Ону таһынан Сииттэҕэ икки маскировочнай сеткалары бэлэмнээһин үлэтэ күргүөмнээхтик саҕаланна.

Бастатан туран махтаныам этэ Прасковья Ноговицынаҕа, Агафья Ноговицынаҕа, Анастасия Парниковаҕа, Варвара Новгородоваҕа, Наталья Павловаҕа, Мотрена Поротоваҕа, Евдокия Лебедеваҕа, Евдокия Охлопковаҕа, Мария Степановаҕа, Марианна Захароваҕа. Эһиги амарах санааҕытынан, ыраас дууһаҕытынан, анал эпэрээссийэҕэ сылдьар оҕолорбутугар күүс — көмө буоларгыт кыайыыга кынаттыыр, эйэлээх олоххо сирдиирэ саарбаҕа суох.

Маны тэҥэ, Сииттэбит эрэллээх эдэр эрчимнээх ыччаттара эйэлээх олох түстэнэрин туһугар, олохторун кэрэйбэккэ, дойдуларын чиэһин үтүө суобастаахтык көмүскүү сылдьар уолаттарбыт кэлэн, төрөөбүт төрүт дойдуларын ыраас салгынын толору эҕэрийэн, күүс — сэниэ, бар дьонноруттан алгыс ылан, бу күннэргэ төттөрү айаҥҥа туруннулар. Уолаттарбытыгар кыра да буоллар барыларыгар болҕомто уураммыт, бар дьонноругар махтал тыл бастыҥын тириэртилэр.

Бары күүс — көмө буолар олохтоохторбутугар өйөбулгут, көмөҕүт иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Киэн туттабын Сииттэм дьонунан — сэргэтинэн, үһүс сылларын тохтоло суох, ким хайдах кыахтааҕынан улахан өйөбүл буолаллара барыбытыгар холобур эрэ буолар диэн сыанабылы этиллэр. Кыайыы кыһыл былааҕа өрө күөрэйэн, дьон — аймах үөрүү — көтүү өрөгөйүн билэллэрэ чугаһаата диэн эрэнэбит. Барыта этэҥҥэ эрэ буолун!

Марианна Сивцева.