Сииттэлэр күөх маайы уруйдаатылар

Сииттэбит нэһилиэгэр сыл аайы, сааскы күөх маай бырааһынньыктарын үөрэ — көтө көрсөргө олус көхтөөх нэһилиэгинэн биллэр — көстөр. Олохтоох култуура киинин көҕүлээһининэн 60 — 70 сыллардааҕы Эйэ, Үлэ, Маай открыткаларын «Тилиннэр» диэн ватсап нөҥүө күрэх биллэриллибитэ.

Уһаппакка — тэниппэккэ, өр күүттэрбэккэ, кырачаан кылаас үөрэнээччилэрэ олус бэртээхэй открыткалары оруобуна үтүктэн ыыталаан бардылар. Ол курдук, барыта 16 оҕо кыттыыны ылан, олохтоохтор сэҥээриилэрин ыллылар. Тэрээһиммитигэр өрүү, күүс — көмө буолаллар Сииттэ орто оскуолатын учууталлара Агафья Дьяконова, Евдокия Винокурова, Ульяна Петрова, Сардана Гуляева, Анастасия Сидорова уонна Римма Винокурова. Кинилэргэ ис сүрэхтэн махталбытын тиэрдэбит. Бу ыытыллыбыт, чэпчэкитэ суох күрэҕи барытын бэлэмнээн, таҥастарын бэрийэн, төрөппүттэр барахсаттар түбүгүрбүттэрэ чуолкай. Ханнык да түгэҥҥэ төрөппүт барахсан өйөбүлэ, тирэҕэ суох сатаммаппыт, элбэҕи быһаарарын олус бэрткэ билэбит, онон ис сүрэхтэн махтал маанытын тиэрдэбит.

Оҕолорбут барахсаттар ыытыллар бары нэһилиэк тэрээһиннэригэр олус көхтөөхтөрүн үөрэ — көтө бэлиэтиибит. Инникитин эппиэтинэстээх, дьулуурдаах ис туруктарын ыһыктыбаккалар иннилэрин диэки бигэтик хардыылыылларын туһугар бары биир киһи курдук өйүөх тустаахпыт. Күрэх билигин да салҕанан ыытылла турар. Түмүк ыам ыйын 9 күнүгэр тахсыаҕа.

Марианна Сивцева