Сииттэҕэ бу күннэргэ СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан, ис сүрэхпититтэн туох кыалларынан сеткалары баайан, эмтээх отоннору, оттору үргээн, дьоҕус да буоллар посылкалары бэлэмнээн, олохтоох дьаһалта баһылыгар Семен Тимофеевка туттардыбыт.
Билиҥҥи кэмҥэ буола турар дойдубут ыарахан балаһыанньатыгар эдэр ыччаттарбытын, оҕолорбутун, патриотическай иитиигэ угуйар хайаан да эбээһинэспит буоларын өйдөөн, нэһилиэк иһинэн ыытыллар бары үлэлэргэ кыттыыны ылаллара наадалаах. Ол курдук, култуура киинин иһинэн тэриллибит волонтер оҕолорбут хамсааһыннарын көмөлөһүннэрэн, бу күннэргэ СВО-ларга анаан, кучу оту үргээтибит. Маны таһынан тэбис-тэҥҥэ дьаһайсан, оту хомуйсан бэлэмнииргэ, күүс — көмө буолла, социальнай харысхал үлэһитэ, элбэх оҕо эдэр ийэтэ Елена Марковна Васильева. Бу хамсааһыммытын өйүүр, күүс-көмө буолбут бары дьоммутугар, баһылыкпытыгар Семен Тимофеевичка барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Кэнники кэмнэргэ нэһилиэкпит олохтоохторо, Сахабыт сиригэр бары үүнэр эмтээх оттор туһалаахтарын туһунан, ютубунан көрөн, кинигэҕэ, хаһыаттарга ааҕаннар, доруобуй буолалларын туһугар, үргэнэн, хатарар үгэстэннилэр. Инники сылларга эмтээх оттору хайдах хомуйан хаһаанарга, хатарарга, нэһилиэк көхтөөх олохтооҕо, элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ Мотрена Васильева баҕалаахтары үөрэтэн, көрдөрөн, быыстапка тэрийэн ыытара. Онон Мотрена Васильеваттан үөрэммит хаһаайкалар элбэх буолуохтаахтар.
Бу күннэргэ үргээбит, эмтээх кучу оппутун, анал үөрэппит схеманнан көрөн, салгыы оҥоһуллар бэрээдэгэ олус элбэх. Онно күүс — көмө буолуохтара нэһилиэкпит далбар хотуттара, эбэлэрэ.
Бары күүһү, өйү — санааны ууран туран биир дьиэ кэргэн курдук түмсэн үлэлиирбит — хамсыырбыт, хаһан баҕарар, ханна баҕарар кыайыылаах буолуар диэн сыаналыаҕы баҕарыллар.
Марианна Сивцева.