Сииттэбит нэһилиэгэр умнуллубат биир бэлиэ түгэни бэлэх ууннубут

Ол курдук, СВО-ҕа сылдьар оҕолордоох дьиэ кэргэттэрбитигэр, аан бастакыннан, бары үтүөнү баҕаран туран, харыстаатын, арчылаатын диэн, харысхал бэлиэлээх дьиэ нүөмэрдэрин туттулар. Олохтоох дьаһалта баһылыктара Семен Тимофеев, Петр Степанов уонна тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Дмитрий Колмогоров ыйааннар, дьиэлээх хаһаайыттартан махтал тыл бастыҥын ыллылар.

Сотору кэминэн нэһилиэкпит дьиэтэ барыта маннык харысхал нүөмэрдэрдээх буолуо. Бу олохтоох дьаһалтабыт көҕүлээн, анаан-минээн оҥотторбут идеялара олоххо киирдэ.

Марианна Сивцева.