Сииттэҕэ ытык кырдьаҕастарын эҕэрдэлээтилэр

Сииттэ нэһилиэгэр аҕам саастаах дьоммутун үөрэн — көтөн туран, бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтибит. Бөһүөлэкпитигэр бэлиэ күҥҥэ эрэ болҕомто ууруллар буолбатах. Хаһан баҕар, көрө сылдьан туох үлэ баарынан, араас көмөлөр оҥоһуллаллар, быһаарыллаллар. Декада чэрчитинэн буоларын курдук улахан болҕомто уурдубут. Ол курдук, «Сииттэҕэ көмүс күһүн» диэн ааттаах 60 саастарыттан үөһэлэргэ, саха сэмэй дьоно буоларбыт быһыытынан эбэ аһатыытын сиэрэ — туома толорулунна, хойуу үүттээх, итии чэйдээх, саһарчы, сырылаччы буспут алгыстаах алаадьылаах остуол тардылынна, сынньааҥ тэрээһин буолан ааста. Маны таһынан бары шефтэһэр тэрилтэлэр кырдьаҕастарыгар бэйэлэрин бэлэхтэрин, эҕэрдэлэрин утары уунан үөртүлэр — көтүттүлэр. Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ үгэс курдук сыһыарыллыбыт кырдьаҕастарыгар тимуровскай үлэлэри толордулар, көмөлөстүлэр.

Олохтоох култуура үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн баҕалаах оҕолору ыҥыран кылгас кэмҥэ пришкольнай участок үлэлээбитин туһунан кэпсээн турабыт. Манна оҕолор оҕуруотунан эрэ дьарыктаммакка, төрөөбүт дойдубут эмтээх отторун уонна отоннорун үөрэнэ таарыйа, кыралаан хомуйан саҕалаабыттара. Оҕолорбут хомуйбут отоннорун, отторун «эмтээх холбука» оҥорон эһэлэригэр, эбэлэригэр саамай күндү бэлэх курдук туттардылар. Кырдьаҕастарбыт барахсаттар ис дууһаларыттан оҕолорун бэлэхтэригэр олус үөрдулэр, махтаннылар. Саамай күндү бэлэх туттубут диэн баҕа санааларын тириэртилэр.

Манан ытык дьоммутугар эҕэрдэбит бүппэтэ, драмкружок уолаттара истиҥ тыллардаах хоһооннору дорҕоонноохтук аахтылар уонна сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Аҕам саастаах дьоммут нэһилиэкпитигэр аччаабыта хомотор. Үүнэн иһэр ыччаттарыгар алгыс тыл бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин анаатылар. Ити курдук кыракый бөһүөлэкпит күннээҕи түбүгэ хаһан да бүппэтин, олох салҕанарын туоһулуур күн сарсын эмиэ үүнүөҕэ диэн туран өссө төгүл үтүө санаалаах кырдьаҕастарбытын эҕэрдэлиибит.

Марианна Сивцева, Сииттэ нэһилиэгэ.