Сииттэҕэ Улуу Кыайыыны тэрээһиннээхтик көрүстүбүт

Улуу Кыайыы күнүн Сииттэҕэ бары тэрилтэлэр күргүөмнээхтик көрүстүлэр. «Чуораанчык» уһуйаан оҕолоро Кыайыы скверигэр өйдөбүнньүктэри кытары билистилэр, иитээччилэр сэрии туһунан хоһооннору үөрэттилэр, кэпсээтилэр. Олохтоох бибилэтиэкэҕэ (сал. М.С. Обутова) «Эр санаа» уруоктара ыытылыннылар, үөрэнээччилэр сэрии сылларын туһунан тахсыбыт кинигэлэр быыстапкаларын, төрөөбүт Сииттэлэрин буойуттарын тустарынан сиһилии билистилэр, анал байыаннай эппэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарбыт төрөппүттэрин кытта көрсүһүү тэрилиннэ.

Буойун учуутал В.Е. Колмогоров аатынан оскуола (дир. А.В. Новгородов) үөрэнээччилэрэ Бүтүүн Арассыыйатааҕы «Кыайыы түннүгэ», «Салааакка сурук» акцияларга кытыннылар. «Хорсун санаа» уруоктара, кылаас чаастара, торжественнай линейка «Өйдүүбүт! Киэн туттабыт! Махтанабыт!» ыытылыннылар. Нэһилиэкпит сэрии кэмигэр ыар олоҕун туһунан кыраайы үөрэтээччи А.Л. Сивцева кэпсээтэ, сэрии тулаайаҕа, үлэ бэтэрээнэ В.Е. Новгородов оҕолорго ыалдьыттаата, кэс тылын тиэртэ. 2019 сыллаахха кини туһунан уһуллубут «Сэрии тулаайаҕа» киинэ көрдөрүлүннэ. Итини таһынан үөрэнээччилэр шефтээх бэтэрээннэригэр тимуровскай үлэ оҥордулар, бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр. Олохтоох сынньалаҥ киин (дир. М.С. Сивцева) үлэһиттэрэ нэһилиэккэ «Кыайыы түннүгэ» акцияҕа кыттан күрэх ыытта, бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэри, эҕэрдэ ырыалары бэлэмнээтэ.

Ыам ыйын 8 күнүгэр үйэлэргэ умнуллубат, Улуу Кыайыыны уһансыбыт биир дойдулаахтарбытын кэриэстээн Кыайыы скверыгар өйдөбүнньүк уотунан нэһилиэк дьоно сэргэтэ, ыччаттара Кыайыы пааматынньыгар чүмэчи  уурдулар.

Ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы скверигэр сарсыардаттан сэрии кэминээҕи ырыа дуорайда, дьон- сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Халлаан төһө да тыаллаах, тымныы буоллар оҕо-уруу бары киэргэнэн шарик, сибэкки, плакат тутан кэлбиттэр, бырааһынньыктааҕы санааны өрө күүрдэр. Хомойуох иһин бэтэрээннэрбит, кырдьаҕастарбыт сылтан сыл аайы айылҕа сокуонунан аҕыйаан иһэллэр, ол эрэн кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ дьоннорун мөссүөннэрин тутан өйдүү-саныы сылдьаллара көрүөххэ истиҥ сыһыаны үөскэтэр. Олохтоох салалта баһылыга С.Т. Тимофеев мустубут дьоҥҥо, сэрии кэмин оҕолоругар Улуу Кыайыы 79 сылынан эҕэрдэтин тиэртэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ, уһуйаан оҕолоро кинилэргэ анаан ырыа, хоһоон аахтылар, үҥкүүлээн көрдөрдүлэр.»Алаһа» эбээлэр түмсүүлэрэ, Иван Степанов, Римма Винокурова сэрии кэминээҕи ырыалары ыллаан эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Култуура үлэһиттэрин көҕүлээһининэн «Полевая кухня» тэрилиннэ. Кэлбит дьон үөрэ-көтө сылаас хааһы, итии чэй истилэр, махтанан тарҕастылар. Олохтоох дьаһалта быстах байыаннай дьайыыга сылдьар 7 уол төрөппүттэригэр «сухой паек» туттарда.

Ити курдук, Улуу кыайыы 79 сылынан кэриэстээн, ахтан- санаан аастыбыт эйэлээх олох иһин саа- саадах тутан сэриилэспит биир дойдулаахтарбытын, күннэри -түүннэри бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит тыыл, үлэ бэтэрээннэрин, сэрии кэмин оҕолорун.

Ким да умнуллубат бу күҥҥэ, туох да умнуллубат бу кэмҥэ.

Мария Обутова, Сииттэ нэһ.