Сииттэбит нэһилиэгэр бүгүҥҥү улахан бырааһынньыгы биир сомоҕо буолан, үрдүк таһымҥа бэлиэтээн санаабыт күүһүрдэ, эрэлбит эрчимирдэ.
Бу улахан тэрээһиммитин олус истиҥник киэргэттилэр үүнэн эрэр уолан уолаттарбыт, эрэллэрбит, кэскили тустуур ыччаттарбыт. Олохтоох култуура киинин үлэһиттэрин көҕүлээһининэн нэһилиэкпит иһигэр бастакы улахан «Көтүөххэ үрдүккэ…» диэн уус — уран, дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕэр 31 уол оҕо, биир киһи курдук дьоһуннаахтык, оттомноохтук кыттаннар, кырдьык да бу киэһэ, эрэллээхтик үрдүккэ көттүлэр.
«Чуораанчык» детсад (сэб. Ольга Александрова) кырачаан иитиллээчилэрэ улахан оҕолору кытта тэбис-тэҥҥэ, лоп — бааччы, туттан — хаптан күөн былдьаспыттара инники өттүгэр улахан эрэли үөскэттэ. В.Е. Колмогоров аатынан Сииттэ орто оскуолатын (директор А.В. Новгородов) киэн туттар бастыҥ уоланнара бука бары тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыттара хайҕаллаах, бары өттүнэн холобур эрэ буолар бастыҥ суол буоларын өссө төгүл туоһулаатылар, дакаастаатылар. Оҕолорбут барахсаттар ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, биир да репетицияны көтүппэккэ, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыттара бырааһынньык киэһээ кинилэргэ эрэ анаан, көрөөччүлэрбит дохсун ытыс тыастарын бэлэх уунаннар, оҕолорбут олус астыннылар, бука бары харыс үрдээтилэр. Ол эрэн күрэх аата күрэх, ким эрэ кыайыахтаах, ким эрэ хотторуохтаах диэн өйдөбүлү уолаттарбыт чугастык ылынаннар, аныгыскы күрэххэ өссө үчүгэйдик бэлэмнэнэн кыттыахпыт диэн эппит тыллара элбэҕи туоһулуур. Кинилэр төһө да кыра буоллаллар, санаалара күүстээҕин, бэйэлэригэр инникигэ эрэллээхтэрин истэммит олус астынныбыт, киэн тутуннубут. Дьүүлүүр субэ быһаарыытынан тэрээһиммит муҥутуур кыайыылааҕынан буолла Сииттэ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Сайаан Сивцев. Кини күрэххэ анаан бэйэтэ суруйбут хоһоонун доргуччу ааҕан, бар дьон биһирэбилин ылыан ылла уонна олохтоох култуура киинин үлэһиттэрэ туруорбут биэс тыһыынча харчыннан биһирэбили тутта. Иккис бочуоттаах миэстэни 3 кылаас үөрэнээччитэ Ньургустаан Никитин, олохтоох дьаһалта туруорбут «Байанай» маҕаһыынтан үс тыһыынчалаах сертификаты бэлэх тутан, олус астынан, дуоһуйан дьиэтигэр барда. Үһүс миэстэни бэйэтигэр эрэллээх, көхтөөх уоламмыт, үһүс кылаас үөрэнээччитэ Демид Расулов эрэллээхтик тигистэ. Демидка олохтоох оскуола коллектива, бэйэтэ оҥорбут бэлэҕин ис сүрэхтэн эҕэрдэлээн туран туттарда. Кыттыбыт оҕолорбутун бука барыларын көҕүлээн 300 солк. харчыннан, ону кытары төрөппүттэр ааттарыттан, тобус — толору пакеттаах минньигэс бэлэхтэри тото — хана тутаннар, кэрэ кэһиилээх киэһэ кинилэргэ эрэ анаммытын, өссө төгүл улахан болҕомто ууруллубутун, астына — дуоһуйа бэлиэтээтилэр. Сомоҕолоһуу күнэ сомоҕолуур күүстээҕин бу эрэ күн буолбакка, олохтоох дьаһалта ( баһылык Семен Тимофеев) нэһилиэкпитигэр Сомоҕолоһуу сылын биллэрбитэ өссө төгүл бигэргэннэ.
Инникитин уоланнар ааҕыылара өссө дириҥээн, кэҥээн иһэригэр төрөппүттэр, көрөөччүлэр өттүлэриттэн баҕа санааларын тириэртилэр. Тэрээһиммит үөрүүлээх сабыллыытын Наталья Гуляева оҥорбут минньигэс торт амсайыытынан түмүктэннэ. Барҕа махталбытын тиэрдэбит кылаас салайааччыларыгар Евдокия Винокуроваҕа, Сардана Гуляеваҕа, Ульяна Васильевнаҕа, Агафья Николаевнаҕа, Галина Васильевнаҕа, Анастасия Сидороваҕа, Захар Кривошапкиҥҥа, Римма Винокуроваҕа, Александра Степановаҕа, Туяра Поповаҕа. Ону тэҥэ детсад үлэһиттэригэр Галина Гуляеваҕа, Виктория Павловаҕа, Мария Новгородоваҕа. Барҕа махтал тыл бастыҥын тиэрдэбит тэрээһиммитин өйөөн спонсордаабыт, элбэх оҕо ийэтигэр Марианна Захароваҕа уонна нэһилиэкпит баһылыгар Семен Тимофеевка, Сииттэ орто оскуолатын директорыгар Андрей Новгородовка. Бары тэрээһиммитигэр өрүү күүс — көмө буолар Сииттэ орто оскуолатын ырыа уруогун учууталыгар Людмила Поповаҕа. Тэрээһини иилээн — саһалаан ыытта Евдокия Охлопкова. Дьүүллүүр сүбэ хамыыһыйатын чилиэннэригэр Роман Поповка, Александра Ивановаҕа, Мария Яковлеваҕа ис сүрэхтэн махталбытын тиэрдэбит.
Ити курдук, уолаттарбытыгар инникитин баҕарыа этибит, үчүгэй үөрэҕи, кытаанах доруобуйаны, элбэх ситиһиилэри, дабайыылары!
Марианна Сивцева