Сииттэбит сиэдэрэй сиригэр, томороон тымныылаах кыһыны этэҥҥэ туораан, сааскы күн чаҕылыччы тыгарын, ийэ айылҕабыт сылааһынан угуттаан, кэрэ да күннэри бэлэхтии турарыттан, хас биирдии киһи санаата сайҕанарын, сүргэтэ көтөҕүллэрин көрөргө үчүгэйиэн, астыгыан.
Бу дьоллоох сааскы ылааҥҥы күннэри сииттэлэр интэриэһинэй, сэргэх тэрээһиннэрдээх көрүстүбүт. Ол курдук, кэрэ аҥардарбытыгар анаан, үс күннээх сынньалаҥ биэчэрдэрэ ыытылыннылар. Олохтоох култуура киинин үлэһиттэрэ, кулун тутар 6 күнүгэр, «Өлгөм үүнүү — дьыл аһа» диэн хаһаайкаларга түбүктээх ый саҕаламмытынан, доруобай, арассаада арааһын сөптөөхтүк таба тайанналларыгар, дириҥ ис хоһоонноох маастар-кылаастар буолан аастылар.
Тэрээһиҥҥэ 2022 — 2023 сылларга саҥа тахсыбыт суортары билиһиннэрии, Сахабыт сиригэр саҥардыы селекцияламмыт помидордары, онтон да атын үүнээйилэр тустарынан элбэҕи биллилэр — көрдүлэр. Кэрэ аҥардарбыт элбэх наадалааҕы биллилэр — көрдүлэр, туһаннылар. Тэрээһиҥҥэ оҕуруотчуттар бэйэлэрин опыттарыттан санааларын үллэһиннилэр. Олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Мария Обутова оҕуруотчуттарга олус наадалаах брошюра бэчээттээн, кэлбит хаһаайкаларга бэлэх гынан уунна. Итини тэҥэ оҕуруот астарын үүннэрэргэ, сүбэ кинигэлэригэр бэртээхэй быыстапка тэрийдэ. Суолта ууран кэлбит далбар хотуттарбытыгар, бастыҥ хаһаайкаларбытыгар анаан, бэртээхэй дьиэҕэ — уокка туттуллар, наадалаах лотерея онньоттубут. Хаьаайкалар бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах астынан — дуоһуйан, бырааһынньыкка бастакы бэлэх оҥоһуннубут диэн үөрэн — көтөн тарҕастылар.
Кулун тутар 7 күнүгэр «Өбүгэ оонньуутун сөргүтэн» диэн хабылыкка, хаамыскаҕа улахан күрэх тэрийдибит. Күрэхтэһиэхпит иннинэ, эти — хааны эрчийэ таарыйа, сахалыы ылбаҕай ырыабытыгар, фитнес хамсаныыларынан үҥкүүлээн битийдибит, тыыммытын таһаардыбыт. Фитнеспытын нэһилиэкпит эдэр ыччата Оля Захарова көрдөрдө. Дьэ бу кэнниттэн тыҥааһыннаах күрэхпит киирсиитэ саҕаланна.
Күрэх сүрүн судьуйатынан Николай Захаров буолла. Барыта 11 киһи кыттыыны ылла. Хабылык түмүгүнэн кыайыы өрөгөйүн тутта Сииттэбит орто оскуолатын учуутала Мария Яковлева. Иккис миэстэни 10 кылаас үөрэнээччитэ Салим Расулов уонна бочуоттаах 3 — с миэстэни 8 кылаас үөрэнээччитэ Оля Тимофеева ылан үөрүү — көтүү өрөгөйүн биллилэр.
Хаамыскаҕа Сииттэбит орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Салим Расулов — бастакы, Айсен Кондратьев — иккис, бочуоттаах үһүс миэстэни Оля Захарова үллэһиннилэр.
Кэлбит ыалдьыттарбытыгар, бары кыттааччыларга олус бэртээхэй бэлэхтэри, мэдээллэри олохтоох култуура аатыттан туттардыбыт. Сииттэбит дьоно — сэргэтэ олус көхтөөхтөрүн туһунан ханнык баҕар заметкабар ахтан ааһар идэлээхпин, киэн тутта кэпсиибин.
Кулун тутар 8 күнүгэр спортивнай саалабыт уораҕайыгар чөл олоҕу өрө туппут, кыахтаах, эрчимнээх кэрэ аҥардарбытыгар аналлаах, сэттэ түһүмэхтээх түөлбэлэр икки ардыларыгар спортивнай күрэх буолан ааста. Манна элбэх оҕолоох ийэлэрбит, эбэлэрбит, кыргыттарбыт бэйэлэрин туох баар кыахтарын ууран туран күөн көрүстүлэр, кыайыы иһин кииристилэр. Нэһилиэкпит 4 түөлбэтиттэн хамаанда туруоран күрэхтэстилэр. Күрэхпит түмүгүнэн «Дьүкээбил» түөлбэ (сал. Агафья Дьяконова) — бастакы, иккис миэстэ — «Өркөн» (сал. Дария Сергеева), үһүс миэстэ — «Сарыал» (сал. Анастасия Иванова), төрдүс миэстэ «Сардаана» (сал. Егор Винокуров) тигистилэр.
Бүгүҥҥү бырааһынньыгы эр дьон түмсүүтүн салайааччыта Николай Захаров, ону тэҥэ күрэхтэри ыытарга күүс — көмө буоллулар Рустам Расулов, Анатолий Назаренко. Кэрэ аҥардарбытыгар анаан фуршет остуолун минньигэс астарынан киэргэттилэр, ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууннулар.
Дьэ, ити курдук Сииттэбит дьоно — сэргэтэ түмсэн көрү — нары көҕүлүттэн тутан, сааскы ылааҥы күннэри олус сэргэхтик көрсө сылдьалларыттан астына — дуоһуйа, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсалларыттан олус дьоллоохтор, сэргэхтэр.
Марианна Сивцева.