Сииттэбит нэһилиэгэр Саха Республикатын күнүн бэрт сэргэхтик, тэрээһиннээхтик атаардыбыт. Ол курдук, тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытын олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта Петр Степанов эҕэрдэ доклаатынан арыйда. Бүгүҥҥү бырааһынньыктааҕы тэрээһиммитигэр кыралыын, улаханныын 70 — ча киһи кыттыыны ылла. Сэргэх ырыалары, үҥкүүлэри көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр, атаардылар.
Тэрээһин саҕаланыыта тустаах ыаллар эбии дохуот киллэринэллэрин туһугар анаан дьаарбаҥка тэрилиннэ. Манна бурдук ас арааһа, алаһа дьиэ бастыҥ хаһаайкаларын минньигэс, амтаннаах астара атыыга турдулар. Мотрена, Семен Васильевтар бааһынай хаһаайыстыбалара дэлэччи сибиэһэй сүөгэйи атыыга таһааран олус хамаҕатык барда. Марианна, Иван Захаровтар сибиэһэй куурусса, перепелка сымыыттарын ону тэҥэ эмиэ сибиэһэй сүөгэйи, удамыр сыанаҕа атыылаан дьон хамаҕатык үөрэ — көтө атыыластылар.
Бырааһынньыктааҕы кэнсиэрпитигэр Сииттэ орто оскуолатын ахсыс кылааһын үөрэнээччилэрэ, «Кэскил» ансаамбыл толоруутугар «Хомус» диэн ырыаны ыллаан, бар дьоннорун эҕэрдэлээтилэр (сал. Л. Попова, Р. Винокурова), «Алаһа» эбээлэр кулууптарын көхтөөх кыттааччылара (сал. Мотрена Васильева) истиҥ иэйиилээх ырыаларын астына иһиттибит, сэргээтибит. Сэттэ оҕолоох Марианна, Иван Захаровтар дьиэ кэргэттэрэ, Россияҕа дьиэ кэргэн сылын туоһулаан, көмүс биэбэйдэрин кытта сахалыы таҥас муодатын, ону кытта кырачааннарыгар үөрэппит чабырҕахтарын, олоҥхолорун, хоһооннорун ааҕан бар дьоннорун үөрэ — көтө эҕэрдэлээтилэр. Республикабыт күнүгэр анаан олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Мария Обутова сэргэх викторина бэлэмнээн, көрөөччүлэрбит бириис тутаннар олус үөрдүлэр- көттүлэр.
Махтаныа этибит аҕалар түмсүүлэрин салайааччытыгар Николай Захаровка. Кэнсиэрпитигэр үөрэ — көтө сөбүлэһэн, култуура ыарахан үлэтин чэпчэтэр, көхтөөх ийэлэрбитигэр, эбэлэрбитигэр Анастасия Парниковаҕа, Мария Новгородоваҕа, Елена Платоноваҕа, Людмила Петроваҕа, Татьяна Герасимоваҕа, Александра Степановаҕа, Анна Сивцеваҕа, Наталья Гуляеваҕа, Надежда Ермолаеваҕа, Мария Степановаҕа, Людмила Поповаҕа, Мотрена Васильеваҕа, тумус туттар нэһилиэкпит убаастанар аҕаларыгар, эһэлэригэр Петр Степановка, Рустам Расуловка, Иннокентий Охлопковка, Гаврил Петровка, Егор Левиҥҥа, Захар Кривошапкинна уонна Андрей Новгородовка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Инникитин бары өссө көхтөөх, олоххо дьулуурдаах, нэһилиэккит сайдыытыгар сэмэй кылааккытын киллэрэ туруоххут диэн эрэнэбит.
Тэрээһиммит түмүктүүр биэтэгин, нэһилиэкпитигэр оһуохайы оройуттан туппута 40 сылыгар үктэммит, эмиэ биир убаастанар көхтөөх киһибитинэн Мотрена Васильева хомоҕой тыллаах оһуохайынан түмүктээн, дьиҥ сахалар буоларбытын өссө биирдэ туоһулаатыбыт. Кыттааччыларбытыгар өссө төгүл култуура үлэһиттэриттэн барҕа махталбытын тиэрдэбит, өрүү итинник барытыгар көхтөөх буолан сирдээҕи дьол диэни бар дьоннутун кытта алтыһан өрүү билиҥ, сэргээҥ, сэҥээрин диэн ыҥырыахпытын баҕарабыт.
Марианна Сивцева.