Сииттэ нэһилиэгэр кырыа кыһыммыт барахсан, уочаратынан былдьаспыт курдук, үтүө, кэрэ күннэри бэлэхтээн, эмискэ биирдэ хам тутан олохпут суолун салҕаата. Сыл аайы үгэс оҥостон, тыа ыала буоларбыт быһыытынан, нэһилиэкпит олохтоохторо муус ылыытыгар биир киһи курдук үөрэ — көтө туруналлар.
Быйыл эрдэ тоҥорон, таана суох буолан, ып — ыраас муустар кэчигирэһэн үрэххэ тураллара, күн уотугар көрдөххө таас сиэркилэ курдук, кустук араас өҥүнэн ыһыахтаан, хаһан да, ханна да хатыламмат кэрэ хартыынаны, айылҕабыт барахсан анаан бэлэхтээбит курдук.
Олохтоох дьаһалта, нэһилиэкпит эдэр ыччаттара биир сомоҕо буолан 12 ыалга муус ылар субботнигы көхтөөхтүк тэрийдилэр. Ол курдук, быстах эпэрээссийэҕэ сылдьар оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, ону тэҥэ соҕотох олорор дьоммутугар анаан бу маннык көмө хаһыс да сылын тэриллэн ыытыллар. Көмө оҥоһуллар тустаах дьоммут махталлара дириҥ.
Бу курдук бары биир сомоҕо буолан тумустэхпитинэ, өрүү кыайыы баар буолуо диэн инники өттүгэр улахан эрэл баар.
Марианна Сивцева